Бүгүн дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин РФ Федеральнай мунньаҕар туһаайыытын болҕойон олорон иһиттим. Владимир Владимирович дойдуну сайыннарыыга, кэлэр алта сылга, киэҥ хабааннаах соруктары туруорбутун сэҥээрэ иһиттим. Мин бэйэм култуура эйгэтигэр үлэлиир киһи буоларым быһыытынан, 2025 сылтан “Земский работник культуры” диэн программа олоххо киириэҕэ диэбититтэн үөрдүм уонна бу этиини биһирээтим. Эрдэ дойду үрдүнэн “Земский учитель”, “Земский врач”, «Земский фельдшер» диэн программалар үлэлиир эбит буоллахтарына, аны эһиилгиттэн култуура үлэһиттэригэр эмиэ өйөбүл баар буолара биһигини үөрдэр.
-Уһук Илиҥҥи региоҥҥа “Земский работник культуры” программанан үлэлии барар специалистар 2 мөл. солк. ылыахтаахтарын биһиги президеммыт тоһоҕолоото. Биһиги улууспут киинигэр саҥа култуура киинэ, “Культура” национальнай бырайыак иитинэн тутуллан бүтэн, быйыл саас үлэҕэ киирэрэ былааннанар. Онон инникитин аныгы олох ирдэбилигэр толору эппиэттиир саҥа култуура киинигэр анал үөрэхтээх, талааннаах специалистар кэлэн үлэлииллэригэр “Земский работник культуры” программа төһүү күүс буолуо диэн эрэнэбит, — диэн санаатын үллэстэр Эдьигээн оройуонун култуура уонна туризмы сайыннарыы отделын салайааччыта Аполлон Степанов.