Оройуоннааҕы ыһыахха Арассыыйаҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн сылыгар аналлаах «Дьиэ кэргэн ыһыахтыыр маанылаах таҥаһа» күрэх буолан ааста. Саха норуотун төрүт култууратын, баай үгэстэрин сөргүтүү, киэҥ араҥаҕа таһаарыы уонна тарҕатыы, айар үгэстэрин сайыннарыы, төрүт таҥаһы таҥныы үгэһин олохтооһун уонна үйэтитии күрэх сүрүн соругунан буолла. Күрэххэ уопсайа 4 дьиэ кэргэн кыттыыны ылла.
Ирдэбил быһыытынан күрэххэ эһээ, эбээ, аҕа, ийэ, оҕолор, сиэннэр, эдьиийдэр, убайдар, балыстар, бырааттар дьиэ кэргэнинэн кытталлар. Эр киһи ырбаахылаах, сонноох, дэйбиирдээх, курдаах, этэрбэстээх, сэлээппэлээх, онтон дьахтар халадаайдаах, кэһиэччиктээх, сонноох, этэрбэстээх, илиигэ кэтиллэр киэргэллээх, бастыҥалаах, илин-кэлин кэбиһэрдээх, курдаах уонна бөҕөхтөөх буолаллара ирдэнэр диэн тэрийээччилэр бэлиэтээтилэр. Күрэххэ уопсайа 4 дьиэ кэргэн кыттыыны ылла: Лииндэ нэһилиэгиттэн Дьирикинэйдэр сыдьааннара – Лианна Иванова, Лилия Николаева уонна Виталий Николаев; Эдьигээнтэн Марфа Михайловна Софронова сиэнинээн Айал Софроновтыын уонна хос сиэнинээн Амелиялыын; Анна уонна Артур Домотовтар үс оҕолорунаан – Арианна, Элина, Дьулус; Анна Петрова икки оҕотуннаан – Алик, Алана.
Күрэх түмүгүнэн «Көхтөөх кыттыыларын иһин» анал аакка Анна Петрова дьиэ кэргэнэ тигистэ, үһүс миэстэни Дьирикинэйдэр сыдьааннара ыллылар, иккис миэстэ Софроновтар буоллулар уонна күрэх кыайыылааҕынан Домотовтар таҕыстылар.
-Биһиги бу күрэххэ дьиэ кэргэнинэн кыттыыны ыллыбыт. Сахалыы таҥаспытын барытын ийэм Розалия Петровна тикпитэ. Мин киниэхэ көмөлөһөбүн, иистэнэргэ үөрэнэбин. Бэйэм ордук оҕуруолуурбун сөбүлүүбүн, кыргыттарым киэргэллэрин бэйэм оҥорбутум. Ыһыах күн сахалыы таҥаспытын кэтэн, киэргэллэринэн симэнэн, айылҕалыын алтыһан, күүс-уох ылан, бар дьоммутун кытта алтыһан бэртээхэй күнү атаардыбыт, — диэн кэпсээтэ күрэх кыайыылааҕа Анна Домотова.