Ыам ыйын 18 күнүгэр Саха сиригэр хоһооҥҥо хоһуллубут, ырыаҕа ылламмыт ньургуһун сибэкки күнүн бэлиэтиибит. Бу күннэргэ, хаар түһүөн иннинэ, олохтоохтор ньургуһуннаах сирдэргэ тиийэн, кэрэ көстүүгэ хаартыскаҕа түспүттэр. Ыам ыйын 17-18 күннэригэр Эдьигээн хаарынан бүрүллэн турар.
Бэстээх, Баахынай уонна Кыстатыам нэһилиэктэригэр саһархай өҥнөөх ньургуһуннар, онтон Эдьигээҥҥэ саһархай уонна хара саарыл өҥнөөх ньургуһуннар үүнэллэр. Ыам ыйын 16 күнүгэр хаартыскаҕа түһэриинэн дьарыктанар, айылҕа кэрэ көстүүтүн сэргиир, алтыһар Эдьигээн нэһилиэгин олохтооҕо Ольга Петрова саас ахсын ньургуһун сөбүлээн тыллар Порт хайатыгар тахсан быйылгы сибэккилэри хаартыската түһэрбит.
Ньургуһун сибэкки тоҥ буору тобулан тахсарын курдук, олох мэһэйиттэн чаҕыйымаҥ,күҥҥэ тардыһан үүнэрин курдук, олоххо тардыһыылаах буолуҥ диэн мээнэҕэ эппэттэр. Онон Ольга Николаевна үүнэн турар ньургуһуннары көрдөхпүтүнэ күүс-уох ылабын, үөрэбин-көтөбүн, үчүгэйи эрэ иҥэринэбин диэн санаатын үллэстэр.