Муус устар 27 күнэ – Саха сирин судаарыстыбаннаһа атаҕар туруутугар ураты, икки төгүллээн бэлиэ түгэн. Бу күн 1922 сыллаахха Саха АССР төрүттэммитэ. Муус устар 26 күнүгэр Эдьигээн орто оскуолатыгар өрөгөйдөөх тэрээһин буолан ааста.
Тэрээһини Эдьигээн орто оскуолатын выпускниктара, көхтөөх, ситиһиилээх үөрэнээччилэрэ Инесса Максимова, Дима Аполлонов, Айгылаана Быканова, Эрхан Луковцев иилээн-саҕалаан ыыттылар. Мустубут дьон-сэргэ, оҕо-аймах Саха сирин өрөгөй ырыатын толордулар. Оскуола үөрэнээччилэрин уонна коллективын оройуон баһылыгын бастакы солбуйааччы Дмитрий Татаринов уонна оройуоннааҕы депутаттар Сэбиэттэрин (Суглан) депутата Яна Андреева эҕэрдэлээтилэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин историятын кэпсээтилэр. Бу күн Дмитрий Татаринов «Саха» судаарыстыбаннай теле-радио хампаанньата «Мой родной дом» диэн ыыппыт видеонан күрэҕэр «Кылаан бириис» хаһаайына буолары ситиспит Дима Аполлоновка дипломун туттарда.
Үөрүүлээх тэрээһини «Иэйии» вокальнай ансамбыл, «Северное сияние» оҕо образцовай фольклорнай ансамбыла эҕэрдэ нүөмэрдэринэн киэргэттилэр. Оскуола үөрэнээччилэрэ, үлэһиттэрэ, төрөппүттэр кыттыылаах Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр эйэ-дэмнээхтик олорор араас омук култуураларын көрдөрөн дьон биһирэбилин ыллылар. Дьаһал флешмобунан уонна оһуохайынан түмүктэннэ.