Эдьигээҥҥэ «Ийэ мичээрэ» диэн истиҥ кэнсиэр буолан ааста

Алтынньы 14 күнүгэр оройуон дьаһалтатын дьиэтин аактабай саалатыгар «Эйгэ» этнокультурнай киин үлэһиттэрэ «Ийэ мичээрэ» диэн бырааһынньыктааҕы кэнсиэри тэрийэн ыыттылар. Тэрээһин Саха сирин Ийэлэрин күнүгэр ананна.

Бу күн ийэҕэ таптал, махтал туһунан ылбаҕай ырыалары «Елочка» уһуйаан оскуола иннинээҕи бөлөҕүн оҕолоро, Семен Захаров, Алана уонна Анна Петровалар, «Аяралдын» ансамбыла, Майя Попова, Александр Ким, «Дулин Буга» ансамбыл бэлэх ууннулар. «Урун», «Осиктакан», «Северное сияние», «Дылачакан» үҥкүү ансаамбыллара, О5о искусствотын оскуолатын үөрэнээччилэрэ, Айгуль, Сюзанна, Алеша, Надя Винокуровтар кэрэ үҥкүүлэрин толордулар, «Чолигда» драматическай кружок артыыстара көрдөөх сценкалары көрдөрдүлэр.
Кэнсиэр быыһыгар «Эйгэ» киин үлэһиттэрэ көрөөччүлэр истэриттэн эдэр уонна элбэх о5олоох ийэлэри сценаҕа ыҥыран бэлэх туттардылар. Бэлэх хаһаайкаларынан эдэр ийэ Айыына Кириллина уонна 4 о5олоох ийэ Улита Винокурова буоллулар.