Эдьигээҥҥэ «Синилгэн» бырааһынньыгын бэлиэтээтилэр

Алтынньы 20 күнүгэр Эдьигээн эбэҥки национальнай нэһилиэгин киинигэр маҥнайгы хаары уруйдуур, кыстыкка үктэнэр «Синилгэн» эбэҥки норуотун төрүт бырааһынньыга буолан ааста. Тэрээһиҥҥэ кэлбит дьон, өбүгэ үгэһинэн, сиэри-туому аастылар, эбэҥкилии тыыннаах э5эрдэ кэнсиэри, күрэхтэһиини көрдүлэр.

Бу дьаһалы «Эйгэ» этнокультурнай киин үлэһиттэрэ тэрийэн ыыттылар. «Синилгэн» («Маҥнайгы хаар») бырааһынньыгар кэлбит дьон «Чичипкан» аннынан ааһан ыраастаннылар. Салгыы олохтоох алгысчыт Николай Попов-Ньукуу Айат «Имты» диэн Аал уот иччитин ааттаан-суоллаан аһатыы сиэрин-туомун ыытта. Ол кэннэ СӨ култууратын туйгуна, алгысчыт Михаил Ефимов эр дьон ортолоругар «Синкэлэвун» эбэҥки норуотун сиэрин-туомун тэрийдэ. Бу сиэр-туом сир хаарынан бүрүөлэннэ5инэ, эр дьон ортолоругар ыытыллара үһү. Кыстык хаар түһүүтэ булт кэмэ са5аланара, онон бу сиэри-туому ааһыы Байанай тосхойоругар төһүү күүс буолар диэн өбүгэ саҕаттан кэлбит өйдөбүллээх.
Сиэри-туому тутуһуу кэнниттэн «Елочка» уһуйаан иитиллээччилэрэ, «Северное сияние», «Һокто», «Осиктакан» фольклорнай ансаамбыллар, «Дулин Буга» эр дьон ансамбыла, Мария Кузнецова, Александр Ким, Анатолий Иванов уонна «Урун» үҥкүү ансаамбыла эбэҥкилии тыыннаах э5эрдэ кэнсиэри көрөөччүлэргэ бэлэх ууннулар.

Үөрүүлээх күн тыҥааһыннаах түгэнинэн «Эвин амтыл» («Өбүгэ оонньуулара») эр дьон күрэҕэ буолла. Манна 5 эр бэртэрэ 4 түһүмэххэ күөн көрүстүлэр. Бастатан туран кыттааччылар бириэмэҕэ тугут макетын тартылар. «Кокчан» диэн түһүмэххэ эр бэртэрэ атахтарыгар туйаҕы кэтэн сүүрдүлэр. Салгыы «Гарпалан» диэн түһүмэххэ сыал ытааһыныгар күүстэрин холоннулар. Бүтэһик «Тутулен» диэн түһүмэххэ ура5астары былдьастылар. Тэрээһин түмүгүнэн кыайыылааҕынан Семен Захаров та5ыста, иккис миэстэҕэ Иннокентий Капрынов, үһүс миэстэ5э Прокопий Иванов тигистилэр. Кыайыылаахтар өйдөбүнньүк мэтээллэри, бэлэхтэри туттулар. Эдьигээҥҥэ үлэлэринэн кэлэ сылдьар эр бэртэрэ кыттыбыт буолан күрэх таһымын үрдэттилэр.
-Мин бүгүн эбэҥки норуотун  «Синилгэн»  национальнай бырааһынньыгар аан бастакытын сырыттым. Бэйэм Томпо улууһуттан төрүттээхпин, Эдьигээҥҥэ кэлэн Росгвардия сулууспатыгар инспекторынан үлэлии сылдьабын. «Осиктакан» үҥкүү фольклорнай ансаамбылыгар киирбитим, ордук хотугулуу үҥкүүлэри туруорабыт. Хотугу норуоттар үҥкүүлэрэ олус эрчимнээх, ураты тыыннааҕын бэлиэтии көрдүм.Олус сэргэх, кэрэхсэбиллээх тэрээһин буолан ааста. Сиэри-туому тутуһан хайдах эрэ ыраастаммыт, чэпчээбит, күүс-уох ылыммыт курдук буоллум. Эбэҥки норуотун төрүт оонньуутугар кыттан, кыайыылаах аатын ылан сүргэм көтөҕүлүннэ. Утарылаһааччыларым да күүстээх, сымса буоланнар бэрт тыҥааһыннаах киирсии буолла.
Тэрээһин эбэҥкилии күн эргиирин үҥкүүтүнэн түмүктэннэ.