Эдьигээн нэһилиэгин «Дэвэлчэн» уһуйаанын «Туксакил» бөлөҕөр сылдьар оҕолор ийэлэригэр минньигэс бурдук аһын — капкейканы астыырга маастар-кылаас буолан ааста. Бу дьаһал Саха сирин Ийэлэрин күннэригэр ананна. Иитээччилэр Ньургуяна Афанасьевна Копылова уонна Дарья Дмитриевна Пестрякова сонун тэрээһини тэрийэн төрөппүттэр махталларын ыллылар.

-Биһиги бөлөхпүтүгэр биир саастарын ааспыт оҕолор сылдьаллар. Оҕолорбут кырачаан бэрт буолан саҥа саҥарарга, бэйэ-бэйэлэрин кытта алтыһарга үөрэнэллэр. Төрөппүттэри кытта үлэбитин күһүҥҥү дьаарбаҥкаттан саҕалаабыппыт. Онтон Ийэ күнүгэр туох тэрээһини ыытабытый диэн толкуйдаан баран, минньигэс капкейкалары астыырга маастар-кылаас тэрийэргэ санаммыппыт. Нэһилиэкпитигэр биллэр тортофейаны Дарина Семеновна Никифорованы ыҥыран бэртээхэй тэрээһини тэрийдибит. Биһиги бөлөхпүт төрөппүттэрин истэригэр элбэх эдэр уонна элбэх оҕолоох ийэлэр бааллар. Бу маастар-кылааска сылдьан ийэлэрбит минньигэс капкейкалары астыыр кистэлэҥнэри биллилэр уонна оҕолоругар өттүк харалаах бардылар. Түгэнинэн туһанан, Дарина Семеновнаҕа бэйэтин уопутун уонна кистэлэҥнэрин үллэстибитин иһин махталбытын тиэрдэбит, — диэн кэпсээтэ уһуйаан иитээччитэ Ньургуяна Копылова.