Ийэ тыл, сурук – бичик күнүгэр олоҥхо киэһэтэ тэрилиннэ

Олунньу 13 күнүгэр Эдьигээҥҥэ оройуон дьаһалтатын аактабай саалатыгар Ийэ тыл, сурук – бичик күнүн бэлиэтиир «Олоҥхо киэһэтэ»  диэн тэрээһин буолан ааста. Бу күн саала олоҥхо доллоһуйа кутуллар дуораанынан кутулунна, алыптаах тыынынан туолла. “Эйгэ” ЭКК иһинэн тэриллэн үлэлиир фольклорнай бөлөх кыттааччылара Сергей Васильев – Борогонскай «Мөҥүрүүр бөҕө» олоҥхотун толордулар. 

Тэрээһин саҕаланыыта ыытааччылар Михаил Ефимов, Айал Софронов, Анна Домотова сахалыы хомоҕой тылы сөбүлээн истэр көрөөччүлэргэ таабырын таайтардылар, өс хоһоонун ситэттэрдилэр. Салгыы фольклорнай бөлөх кыттааччылара Сергей Васильев – Борогонскай «Мөҥүрүүр бөҕө» олоҥхотун геройдарынан арахсан ааҕан холоннулар, уобарастарын арыйдылар. Олоҥхону аахтылар Айал Софронов, Анна Домотова, Михаил Ефимов. Олоҥхо геройдарын тылларын-өстөрүн аахтылар, уобарастарын арыйан холоннулар Мөҕүрүүр Бөҕө – Айсен Шишигин, Элийэ Боотур – Анатолий Егоров, Кыталык-Айыы Умсуур удаҕан – Мария Аполлонова, Аан Алахчын хотун – Майя Христофорова, Туллуктаана куо – Валентина Назарова, Тимир Липпирдээн абааһы бухатыыра – Александр Ким, Дьэс Тэлээрбэ – Саргылаана Ксенофонтова, Хаан Бэлэстэй – Юрий Максимов.