Ийэ күнүгэр анаммыт сүрүн тэрээһининэн Кыстатыамҥа «Ийэҕэ махтал” диэн сэргэх биэчэр буолан ааста. Дьаһалы «Нулгин» культура киинин үлэһиттэрэ алтынньы 14 күнүгэр иилээн-саҕалаан ыыттылар.
Манна 85 сааһын быйыл туолбут Мария Архиповна Харитонова кэлэн ыалдьыттаата. Кини учуутал идэтинэн Бэстээххэ, Кыстатыамҥа үлэлээбитэ, 14 сыл устата икки төгүл быыбарданан Ленскэй сельскэй Сэбиэтигэр бэрэссэдээтэллээбитэ. Билигин Дьокуускай куоракка олорор гынан баран, быйыл ахтар саныыр Кыстатыамыгар оҕолоругар кыстыы кэлбит. Манна түмсүбүт ийэлэр күһүҥҥү темаҕа сеп түбэһиннэрэн бэйэлэрэ толкуйдаабыт оҥоһуктарын аҕалан көмүскээтилэр. Элбэх оҥоһук киирэн, конкурс тэрилиннэ. Онуоха 1 миэстэни Наталья Васильеваҕа үөрэ оттору кырааскалаан, мастары оҥорбутун иһин анаатылар. Евдокия Шадрина тиит мас туораахтарыттан ежик оҥорбута иккис миэстэни ылла. Оттон Анна Гоголева-Семенова аҕалбыт гербарийа 3 миэстэ буолла.
Маны сэргэ бибилитиэ
кэр Анна Гоголева-Семенова Кыстатыам үлэлии-хамсыы сылдьар ийэлэрин туһунан паапкалары оҥорон, быыстапкалаабыта интэриэһи тарта. Ийэлэр остуол тула олорон сэһэргэһэн, лотереяҕа оонньоон, илии тутуурданан, дуоһуйа сынньаннылар.