Үрүҥ Тунах Ыһыахха кыргыттарга аналлаах «Дьүөгэлиилэр» диэн күрэх ыытылынна. Күрэскэ 7-11 саастаах 8 дьүөгэлии кыргыттар кыттыыны ыллылар. Кыыс оҕону кэрэни кэрэхсииргэ, кыра эрдэҕиттэн доҕордоһууну, дьүөгэлэһиини өрө тутарга үөрэтии, ситимнээн саҥарар, ыллыыр, үҥкүүлүүр дьоҕуру сайыннарыы, саха норуотун быстыбат баайыгар, Үрүҥ Тунах ЫҺыах үгэстэрин сиэрдэрин-туомнарын, өбүгэлэр күрэхтэрин хааннарыгар иҥэрии күрэх сүрүн сыалынан-соругунан буолла.
Күрэххэ Динара Васильева уонна Амелия Третьякова, Анжела Белоусова уонна Валерия Протодьяконова, Алексина Афанасьева уонна Аня Григорьева, Розалина Петрова уонна Вика Игнатьева кыттыыны ыллылар. Кыттааччылар бэйэни билиһиннэрии, талааны көрдөрүү, скакалканан ойуу, «Өбүгэм маанылаах аһа”, “Ыһыах мааны таҥаһа”, «Дьүөгэбин кытта биирбит, тэбис-тэҥҥэ таҥнабыт” түһүмэхтэргэ кииристилэр. Кыргыттар күрэххэ бэлэмнэрин көрдөрдүлэр, талааннарын арыйдылар. Дьүүллүүр сүбэ чилиэннэринэн оройуоннааҕы дьахталлар Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Анна Домотова, солбуйааччыта Кристина Соломонова уонна саха да, хотугу да норуот култууратын илдьэ сылдьар, Эдьигээн орто оскуолатын биологияҕа учуутала Евдокия Хабарова үлэлээтилэр. Күрэх түмүгүнэн «Мэник-тэник оҕо саас» анал аат Алексина Афанасьеваҕа уонна Аня Григорьеваҕа иҥэрилиннэ. Үһүс миэстэҕэ Розалина Петрова уонна Вика Игнатьева тигистилэр, иккис миэстэҕэ Динара Васильева уонна Амелия Третьякова таҕыстылар. Онтон күрэх кыайыылааҕынан Анжела Белоусова уонна Валерия Протодьяконова ааттаннылар.