Ааспыт өрөбүл күннэргэ кыстатыамнар соҕотох олорор кырдьаҕастарга муус ылан тиэртилэр. Ветераннар Бурцева Т.Н, Семенов Д.Е, Григорьева А.Аф, Васильева М.Х, Никифорова Е.К тиэргэннэригэр ып-ыраас мууһу соһуччу аҕалан үөртүлэр. Кырдьаҕастар Сивцев Сергей Петровичка, Горохов Владимир Дмитриевичка, маны тэҥэ туохтан да толлон, чаҕыйан биэрбэт үлэһит бэрдэ уолгар Семенов Никитаҕа, Эдьигээнтэн каникулун кэмигэр кэлэ сылдьан көмөлөспүт Кириллина Дайаанаҕа махталларын тиэрдэллэр.