Кыстатыамҥа ааспыт субуотаҕа Россияҕа педагог, наставник сылын, Саха сиригэр Үлэ сылын, Эдьигээҥҥэ Н.В.Шемяков 110 сааһыгар аналлаах дьаһаллары үөрүүлээхтик түмүктээтилэр. Итиэннэ быйыл биллэриллибит сылы арыйан, саҥа дьаһаллары бэлиэтээтилэр. Ол курдук, 2024 сыл –Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, Эдьигээн оройуонугар Р.М.Дмитриев 75 сааһын көрсөр, Кыстатыам нэһилиэгэр Волонтер сылынан биллэрилиннилэр.
Ааспыт сыл Эдьигээн оройуонугар Н.В.Шемяков 110 сааһыгар анаммыт буолан, бастатан туран олохтоох музей үлэһитэ Т.Н.Бурцева слайда нөҥүө туох үлэлэр барбыттарыгар тохтоон иһитиннэрии оҥордо.Бастакы түһүмэх “Николай Шемяков –биһиги киэн туттуубут” диэн ааттаан туран, оҕолор хоһооннорунан түмүктэннэ.
Иккис түһүмэх –Үлэ сылын түмүктэрэ. Манна олохтоох библиотекарь, СР культуратын туйгуна Анна Гоголева-Семенова бары тэрилтэлэр, общиналар, ИП-лар үлэлэрин-хамнастарын, ситиһиилэрин сырдатта. Бу түһүмэх ”Үлэ дьонун чиэстиибит” үҥкүүнэн түмүктэннэ. Педагог уонна Наставник сылын түмүктээһиҥҥэ“Туйаара” уһуйаан, оскуола директорын солбуйааччы, СР үөрэҕириитин туйгуна Н.М.Иванова слайда нөҥүө сыл устатыгар туох ситиһиилэммиттэригэр тохтоото, бэртээхэй ырыаларын ыллаан дьиэрэттилэр. Салгыы биһиги оскуолабытыгар английскай тылын уонна музыка учууталынан үлэлээбит, мелодист Надежда Макарова бу күннэргэ республиканскай ырыа күрэҕин тэрийбитин түмүгэр, уһуйаан иитиллээччитэ Күннэй Колтовская бастакы миэстэни ылбытын туоһулуур бэлэхтэри туттардылар. Ол кэннэ оскуола директора Л.И.Ефимова эҕэрдэлээн туран,оройуон баһылыгын бэлэхтэрин оскуола туйгун үөрэнээччилэригэр туттарда. Бастыҥ үлэлээх үлэһиттэригэр, бэтэрээн учууталларга бэлэхтэри тиксэрдэ. Оскуола учууталлара, үөрэнээччилэрэ бэрт сэргэх литературнай-музыкальнай композицияны туруордулар. Маныаха ордук уолаттар хоһоону кыайа-хото ааҕар буолбуттарын көрөөччүлэр бэлиэтээтилэр.
Салгыы сыл түмүгүнэн нэһилиэк аҕа баһылыга, нэһилиэк патриоттарыгар, бастыҥтан бастыҥнарга махтал суруктары, сэмэй бэлэхтэри туттарда. Ол курдук наставник уһуйааччылар Бурцева Татьяна Николаевна, Васильева Мария Сергеевна, Семенова Любовь Иннокентьевна Бочуотунай грамоталарынан бэлиэтэннилэр.
Тэрээһиммит иккис чааһа 2024 сылы арыйыы буолла. Сылбыт ыччат дьон, эдэр ыал нарын-намчы вальсынан арылынна. Дьиэ кэргэн сылыгар сөп түбэһиннэрэн, өр кэмҥэ оҕо иитиитигэр үлэлээбит, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн, күн күбэй ийэтигэр уонна өр кэмҥэ оскуола директорынан үлэлээбит, краеведческай музейы төрүттээбит киһибитигэр Мария Афанасьевна, Иосиф Николаевич Корниловтар дьиэ кэргэннэригэр ананна. Бастыҥ дьиэ кэргэни холобур оҥостон, слайда нөҥүө көрдөрүүттэн саҕаланна.Ыал ийэтэ Мария Афанасьевна быйыл 90 сааһын туолуо этэ. Кыра кыыстара Любовь Иосифовна оҥорбут слайдатыгар тохтоон, кинилэр ааттарын үйэтитэн, оҕолоро, сиэннэрэ ситиһиилэрин сырдатан, кинилэр сырдык мөссүөннэрин ахтан-санаан ыллыбыт. Корниловтар оҕолоро ийэлэригэр уонна аҕаларыгар анаан бэрт дириҥ ис хоһоонноох тус-туспа кинигэлэри таһаартарбыттара, ол барыбытыгар да холобур буолуон буолар. Ону ааһан, 2005 сылтан оскуоланы бүтэрэр выпускникка, 2008 сылтан элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ, аҥардас Кыстатыамҥа эрэ буолбакка Нерюнгри, Чурапчы, Эдьигээн,Сунтаар выпускниктарыгар тиийэ харчынан бириэмийэлээх Граннары туттараллар.. Быйылгы сылга- Эдэр ыалга уонна Оҕоҕо диэн Граннары олохтообуттарын биллэрдэ. Онтон, Наставник сылын түмүгүнэн, Корниловтар дьиэ кэргэттэрэ 10 тыһ. сууммалаах Граннарын СР Учууталларын Учууталыгар, «Россия бастыҥ учуутала» номинация кыайыылааҕар, Кыстатыам бочуоттаах олохтооҕор Татьяна Николаевна Бурцеваҕа уонна СР үөрэҕириитин туйгунугар Любовь Иннокентьевна Семеноваҕа анаатылар. Дьиэ кэргэн сылын көрсө, 2023 сылга 50 сыл бииргэ, эн-мин дэсиһэн олорбуттарын бэлиэтээбит Мария Николаевна, Алексей Семенович Сергеевтэргэ эмиэ Грант туттарылынна. Тэрээһин сөптөөх музыкальнай нүөмэрдэринэн киэргэтилиннэ уонна түмүккэ бары уһуйаан уонна оскуола оҕолорун “Мама” диэн хордарынан түмүктэннэ.