Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, СӨ Оҕо саас сылларыгар анаммыт, Доруобуйаларынан хааччахтаах дьон декадатын чэрчитинэн Лииндэ нэһилиэгин «Сайдам» сынньалаҥ киинигэр хоһоон айааччы Антонова Марфа Иннокентьевна хоһооннорунан «Дьоммор-сэргэбэр тиэрдиҥ!» өйтөн дорҕоонноохтук ааҕыы күрэҕэ буолан ааста. Бу күрэххэ уһуйаан иитиллээччилэрэ, оскуола үөрэнээччилэрэ уонна улахан дьон кыттыыны ыллылар.
Хоһоон ааҕыы түһүлгэтигэр дьону түмэ тардыы, ааҕааччы тус санаатын, иэйиитин хоһоон тылынан тиэрдэрин, хоһуйар дьоҕурун сайыннарыы, сахалыы тыыннаах хоһооннору ааҕыы, сайдар кэскилин өйдөтүү, торумнааһын, ийэ тылга тапталы, ытыктабылы иҥэрии тэрээһин сүрүн сыалынан буолла.
Күрэх түмүгүнэн уһуйаан улахан бөлөҕүн иитиллээччилэрин ортотугар кыайыылааҕынан Ксенофонтов Миша ааттанна, иккис миэстэни Ксенофонтов Аяр ылла, үһүс миэстэ — Ефимова Алина. Кыра бөлөххө Ефимова Сусанна тэҥнээҕин булбата, II миэстэни Ксенофонтов Коля, III миэстэни Кириллин Уйусхан ыллылар. Алын сүһүөх кылаас үөрэнээччилэрин икки ардыларыгар Болтунова Дарина бастаата, II миэстэ Третьякова Ангелия, III миэстэ Никитин Айаан буоллулар. Улахан кылаастарга кыайыылааҕынан Васильева Динара таҕыста, II миэстэҕэ Болтунов Юра, III миэстэҕэ Карамзина Каролина тигистилэр. Улахан дьоҥҥо Иванова Лианна кыайыылааҕынан таҕыста.