Балаҕан ыйын 7-12 күннэригэр Узбекистан республикатын Хива куоратыгар «Хива-2023» этно-фестиваль буолан ааста. Бу фестиваль иитинэн гиирэҕэ аан дойду чемпионата ыытылынна. Онно ветераннар ортолоругар биһиги биир дойдулаахпыт Надежда Соломонова икки кыһыл көмүс мэтээли ылары ситистэ.
-Гиревой спордунан 12 сыл дьарыктанным, мин тренердарбынан, уһуйааччыларбынан буолаллар Василий Беленков уонна Михаил Анастахов. Бу сыллар тухары гиирэҕэ дьаныһан туран дьарыктанным, эрдэ оройуон таһымыгар эрэ ыытыллар күрэхтэргэ ситиһиилэнэр этим. Онтон кэнники икки сылга ситиһиим таһыма улаатта. Ол курдук, былырыын сэтинньи ыйга Бурятияҕа Россия спордун үтүөлээх маастарын Сергей Леонов бирииһигэр ыытыллыбыт күрэххэ үһүс уонна төрдүс миэстэлэргэ тиксибитим. Онтон быйыл саас Чувашия республикатын Чебоксары куоратыгар эмиэ Россия таһымнаах күрэххэ үһүс миэстэни ылбытым. Бу ситиһиилэрбинэн кынаттанан Россия сборнайыгар киирэн Узбекистан республикатын Хива куоратыгар гиирэ күрэҕэр кытынным. Турнирга 26 дойдуттан 600 тахса спортсмен кыттыыны кэлэн ылла. Саха сириттэн 5 буолан Россия сборнайыгар киирэн 200 тахса спортсмен дойдубут чиэһин көмүскээн кэллибит. Мин ветераннар икки ардыларыгар «классический рывок» уонна «длинный цикл» диэн гиирэни өрө анньыы көрүҥнэригэр чемпионнаан икки кыһыл көмүс мэтээллэри ыллым. Саха сириттэн барбыт спортсменнар бары бириистээх миэстэлэргэ тигистибит. Ыраах дойдуга кэлэн сыалбын-сорукпун ситиспиппиттэн олус долгуйдум, үөрүүм-көтүүм муҥура суох. Күрэххэ кытта барарбар күүс-көмө, өйөбүл, үтүө сүбэһит буолбут Эдьигээн оройуонун баһылыгар В.Н.Сорокиҥҥа, Эдьигээн нэһилиэгин баһылыгар С.С.Портнягиҥҥа, тренердарбар В.В.Беленковка, М.Е.Анастаховка, коллегаларбар, биир дойдулаахтарбар барҕа махталбын тиэрдэбин, бары үтүөнү-кэрэни баҕарабын. Аан дойду таһымыгар тиийэн чиэстээхтик дойдум аатын ааттаппыппыттан киэн туттабын. Бу күрэхтэн кынаттанан өссө да инники былааннар кэҥииллэр, — диэн үөрүүтүн үллэһиннэ Надежда Соломонова.