Нэһилиэктэргэ инбэлииттэр декадалара көхтөөхтүк ыытыллар

Ахсынньы 3 күнүгэр норуоттар икки ардыларынааҕы инбэлииттэр күннэрэ бэлиэтэнэр. Эдьигээн оройуонугар, үгэс быһыытынан, ахсынньы 1-10 күннэригэр инбэлииттэр дьыкаадалара ыытыллар. Ол эрэн Эдьигээн нэһилиэгэр дьаҥ ыарыыта элбээбитинэн дьыкааданы үүнэр сыл олунньутугар көһөрдүлэр. Онтон Бэстээх, Баахынай, Кыстатыам нэһилиэктэригэр тэрээһиннэр былаан быһыытынан ыытылла тураллар.

Бэстээх нэһилиэгэр бу күннэргэ волонтердар соҕотох олорор инбэлииттэргэ муус ылан аҕалаллар, тиэргэннэрин хаарын күрдьэллэр, парикмахер баттахтарын кырыйар, ФАП фельдшера чөл туруктаах, доруобуйаны көрүнүү, ыарыылартан сэрэхтээх буолуу туһунан бэсиэдэлэри ыытар. Ахсынньы 1 күнүгэр дьыкаада арыллыыттыгар доруобуйаларынан хааччахтаах дьон шашкаҕа күрэхтэстилэр. Атырдьах ыйын 5 күнүгэр харыйаҕа киэргэллэри оҥорууга маастар-кылаас ыытылынна, нэһилиэк баһылыгын П.О.Афанасьевы кытта көрсүһүү буолла. «Сарыал» сынньалаҥ киинэ саҥа кинигэлэр, сурунааллар быыстапкаларын, чэй иһиитин тэрийэр, олохтоох дьаһалта инбэлииттэр олорор усулуобуйаларын көрүү-истии, оскуола оҕолоро уонна улахан дьон кыттыылаах кэнсиэр буолуоҕа.

Кыстатыамҥа доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьыкаадалара эҕэрдэ кэнсиэринэн саҕаланна. Бу күн кулуупка остуолларга тоҥ балык, итии чэй толору тардылынна. Кэлбит дьон балык амсайан, чэй иһэн ирэ-хоро кэпсэтэн баран саалаҕа кэнсиэр көрө киирдилэр. Саала иһэ тобус толору киһинэн туолла. Кэнсиэри «Үрдэл» инбэлииттэр обществоларын чилиэннэрэ тэрийэн ыыттылар. Бэһис кылаас уолаттара кэнсиэри эҕэрдэ нүөмэрдэринэн киэргэттилэр. Талааннаах киһи барытыгар талааннаах диэбиттии биһиги дьоммут аһы-үөлү астааһыны, оҕуруотунан, ииһи дьарыгы өрө туппуттарын үрдүнэн, айылҕаттан ырыаһыт бэртэрэ, онон сонун ырыаларынан кэнсиэри сэргэхситтилэр Варвара Корякина, Маргарита Харитонова. Анна Гоголева-Семенова култуура эйгэтин үлэһитэ буоларын туоһулаан, кулууп үлэһиттэрин кытта «Германия» диэн сценканы туруордулар. Бэрт сэргэх кэнсиэр кэннэ эҕэрдэ тыллар, махтал суруктар туттарылыннылар. Онон бүгүҥҥү күҥҥэ уонна уопсайынан да, туора туран хаалбахха, тэҥҥэ үлэлии-хамныы сылдьар, барыга бары көхтөөх дьоммутугар махталбыт муҥура суох.