Тыа хаһаайыстыбатын салалтата иһитиннэрэринэн Эдьигээн оройуонугар күһүҥҥү хомуур түмүктэнэн эрэр. Олохтоохтор быйылгы хомуурдарын ааҕыыларынан отчуот оҥоһуллан уопсайа 15 туонна оҕуруот аһа хомуллубут. Хортуоппуй хостооһунун былаана 20 туонна буоллаҕына, билиҥҥи туругунан 10 туонна хостоммут. Баахынай нэһилиэгэр отут сыл кэриҥэ нэһилиэнньэни оҕуруот, үүт аһынан хааччыйан олорор Дария Михайловна уонна Николай Николаевич Николаевтар оҕуруоттарын аһын номнуо хомуйан, былааннарын толорбуттар.
-Сылын аайы буоларын курдук быйыл хортуоппуй, хапыыста, сүбүөкүлэ, моркуоп, тыква, кабачок, оҕурсуу, помидор, аһыы уонна минньигэс кыһыл биэрэс, горох уонна күөх үүнээйилэри олордубуппут. Икки теплицалаахпыт, хортуоппуйу тиэргэммитигэр баар сиргэ уонна 1990 сылтан биэрэк үрдүгэр оҥостубут бааһынабытыгар олордобут. Быйыл туонна аҥара хортуоппуйу, 100 киилэ хапыыстаны, 20 киилэ сүбүөкүлэни, 30 киилэ моркуобу, 10 киилэ тыкваны, 5 киилэ кабачогу, 50 киилэ оҕурсууну, 60 киилэ помидору, 30 киилэ минньигэс биэрэһи, 5 киилэ аһыы биэрэһи, 6 күөх үүнээйини, 3 киилэ горуоҕу ыллыбыт. Чааһынай дьиэҕэ олорорбут быһыытынан, тиэргэммитигэр сайыҥҥы сибэкки арааһын үүннэрэрбитин сөбүлүүбүт. Сайын устата наадыйар дьоҥҥо оҕуруот аһын атыылыыбыт. Ону сэргэ, сүөһү иитиинэн дьарыктаммыппыт 30 сыл буолла. Барыта алта төбөлөөхпүт, ол иһигэр биир ыанар ынах, тиҥэһэ, икки тыһаҕас, биир оҕус, биир быйылгы тарбыйах. Сылгыны эмиэ тутан боруобалаабыппыт да, ыттар, бөрөлөр сүгүннээбэккэ кыайан олохсуйбатылар. Оҕуруоту көрүүгэ-истиигэ, сүөһүнү тутууга оҕолорбут көмөлөһөллөр. Кыра эрдэхтэриттэн айылҕалыын алтыһа улааттыннар диэн сиэннэрбитин оттооһуҥҥа, балыктааһыҥҥа, сир астааһыҥҥа тэҥҥэ илдьэ сылдьан үөрэтэбит-такайабыт, — диэн кэпсииллэр Дария уонна Николай Николаевтар.