Норуот талааннаахтарын быыстапката

Культура киинэ аһыллан, аны «Дюмия» этнокультурнай сайдыы уонна норуот айымньытын  оройуоннаа5ы киинэ»диэн ааттанна.  «Дюмия» диэн   эбэҥки тылыттан тылбаастаатахха  «большой чум, дом» диэн, быһата элбэх киһи түмсэр сирэ диэн суолталаах.   Киин үөрүүлээхтик аһыллыытын кэмигэр норуот талааннаахтарын үлэлэрин быыстапката тэриллибитэ.

Манна норуот уус-уран оҥоһуктарыгар СӨ маастардара Зоя Аполлонова, Александра Иванова, иистэнньэҥ  Агафья Левина  оҥоһуктара ,  Афанасий Уваровскай аатынан оройуоннааҕы музей экспозицияларыттан  Максим Семенов, Артем Ханчаев, Евгений Булдаков, Айна Львова, Светлана Христофорова, Владимир иванов, Лариса Попова  үлэлэрэ турбуттара. Ил  Дархан, атын да ыҥырыылаах ыалдьыттар көрдөрүүгэ туруоруллубут үлэлэрин  билсистилэр, хайҕаатылар.