Самаан сайыммыт барахсан мичик гынан ааһа оҕуста. Көрүөх бэтэрээ өттүгэр төрөппүттэр оҕолорбутун оскуолаҕа бэлэмниир, хомуйар кэммит тиийэн кэллэ диэн суруйар «Сунтаар сонуннара» хаһыат.
Оскуолаҕа хомунуу төһө ороскуоттааҕын суоттаан көрбүккүт дуо? Биир дьүөгэм биллэр блогердар оҕолорун оскуолаҕа 80 тыһ.солк. хомуйбуттар үһү диэн кэпсээнин соһуйа иһиттим. Быйыл биир бэйэм 4 оскуола үөрэнээччилээхпин. Ама, сыана иччэ үлүгэр буолбут дуо диэммин Сунтаар маҕаһыыннарын кэрийэммин оскуола табаардарын сыанатын үөрэттим, таарыйа оҕолорбор наадыйалларын атыыластым.
Бу тиэмэҕэ аан бастаан оскуола боруогун атыллаан киирэр оҕолордоох төрөппүттэр ордук долгуйар буолуохтаахтар. Сайыны быһа чуумпурбут кылаас бөлөхтөрө тиллэн, быйыл туох саҥа ирдэбиллэр, туох, ханна атыыланарын кэпсэтии, быһаарсыы номнуо саҕаланан элбэх төрөппүт түбүк үөһэ түспүт буолуохтаах.
Июлия Яковлева, 2 оҕолоох соҕотох ийэ: «Мин быйыл бастакы оҕом Андрей маҥнайгы кылааска үктэнэр. Оҕону оскуолаҕа хомуйар уопутум суох буолан мунаахсыйарым элбэх. Андрей оскуолаҕа барарын олуһун күүтэр, күнүн-дьылын ааҕар. Онтон мин долгуйуох санаам киирэр.
Быйыл сыана үрдээбит диэн этэр кыаҕым суох. Холобура, номнуо төрөппүттэр буолан рабочай тэтэрээппитигэр 3500 солк. кыттыспыппыт. Ону таһынан, 3500солк. көстүүм ылбытым. 1600 солк. рюкзагын чэпчэтиигэ түбэһэн атыыласпыппыт. Бу сороҕо эрэ. Эбии таҥас-сап, туттар канцеляриятын, сибэккибит дьөрбөтүн ыла иликпит. Онон соҕотох ийэҕэ оҕону оскуолаҕа бэлэмниир ороскуоттаах эбит диэн санааҕа кэллим.
Элбэх оҕолоохторго оҕону оскуолаҕа бэлэмнииргэ көмө көрүллэр буоллаҕына, мин оннук көмөнөн туһаммаппын. Саамай сүрүнэ оҕом оскуолаҕа өй-санаа өттүнэн бэлэмнээх буоларыгар баҕарабын. Ол иһин, оскуола туһунан үчүгэйи эрэ кэпсиибин. Кыра киһиэхэ оскуолаҕа киирии саҥа үктэл буоллаҕа».
Сунтаарга былырыыҥҥыттан биир кэлим оскуола пуормата киирбитэ. Маныаха Сунтаар үөрэнээччилэрин «Туйгун» пиирмэ пуорманан хааччыйар. Холобура, алын сүһүөх оскуола оҕотун пуорматын сыаната уолга 3500-3750 солк., кыыс оҕоҕо 2450-2750 солк. буолар эбит. Оттон орто сүһүөх оскуола оҕотун пуормата 3500 солк. саҕаланан 5999 солк. диэри, улахан сүһүөх оҕотугар 5899-6899 солк. диэри сыаналааҕын биллибит.
Ордук уол оҕо пуормата сыаналаах эбит диэн көрдүбүт. Харысхал ойуулаах тимир тимэҕэ уонна улуус эмблемэтэ ойуулаах сыстар бэлиэ бу сыанаҕа киирэ сылдьар. Физкультураҕа кэтэр таҥастара алын сүһүөх оскуолатын оҕотугар үксүн биир кэлим буолар. Кроссовка, шортик, футболка ирдээччилэр. Тыа оскуолаларыгар хайдах физкультура таҥаһын ирдииллэрин этэр кыахпыт суох.
Оттон үрдүкү кылаастарга физкультураҕа үгүстэрэ бэйэлэрэ баҕаралларын кэтэллэр. Үксүн оҕолор эмиэ шортик, футболка кэтэллэр. Билиҥҥи оҕолор кроссовкаларын сыаналааҕы, хаачыстыбалааҕы талан кэтэр буолбуттар.
Үөрэнэр мал-сал биир оҕоҕо быһа холоон 3000 солк. тэҥнэһэр. Сорох маҕаһыыннар элбэх оҕолоохторго чэпчэтии көрөөччүлэр. Учууталга сибэкки бэлэхтиир буоллахтарына кэлии сибэкки букета 1200 солк. саҕаланар. Букет сыаната хайдах сибэккилэринэн оҥоттороргуттан тутулуктаах.
Сунтаар килбэйэр киинигэр оскуола баһаарын тэрийбит урбаанньыт, «Четыре сезона» маҕаһыын хаһаайката Сара И кытта кэпсэттим: «Мин атыыга-эргиэҥҥэ балачча уопуттаах киһибин. Куоракка 10 сыл оскуола баһаарыгар атыылаан кэллим. Табаарым үксүн тыа дьонугар аналлаах. Биир дойдулаахтарбар сыананы үрдэппэккэ, куорат сыанатынан атыылыырбын дьон билэр.
Ол иһин, миигиттэн хамаҕатык атыылаһаллар. Быйыл оскуолаҕа бэлэмнэнии кэмигэр куоракка үлэлээбэккэ, дойдубар улахан атыыны тэрийдим. Маннык санааны өр иитиэхтии сылдьыбытым. Тыа дьоно куоракка барбакка эрэ үрдүттэн атыылаһалларын курдук. Холобур, куоракка кэлэ-бара 14000солк ороскуотуруох оннугар Сунтаартан атыыласпыт ордук барыстаах буолан тахсар.
Оскуолаҕа аналлаах табаарым элбэх. Пеналтан саҕалаан таҥаска тиийэ баар. Мин оҕо тутар рюкзагын, маҥан булууһатын, дьууппатын, кроссовкатын 1000 солк. саҕалаан атыылыыбын. Мааны атах таҥаһа 1500 солк. саҕаланар.
Билиҥҥи кэм муодатын, табаарым хаачыстыбатын, арааһын, эгэлгэтин талан аҕалабын. Дьон, дьэ атыылаһан эрэр. Элбэх оҕолоохторго чэпчэтии көрөбүн».
Бу курдук, биир күн турунан Сунтаарга оскуола табаарын сыанатын үөрэттим. Олус сыаналааҕы көрбөтүм. Орто дохуоттаах киһи сиэринэн атыыластым. Мин тус бэйэм оскуолаҕа тэриниигэ син уопуттаах ийэ буоларым быһыытынан, аһара ону-маны халтай ылбатым. Эрдэттэн ким туохха наадыйарын сурунар идэлээхпин, испииһэкпиттэн тахсыбатым. Туһата суох атыылаһыыттан испииһэк оҥостор саамай туһалааҕынан ааҕабын.
Өссө сорох өйдөөх төрөппүттэр үөрэх дьыла бүтүүтэ оскуола табаардарыгар чэпчэтии биллэрбиттэрин кэннэ атыылаһаллар эбит. Ону сэргии иһиттим. Бу уопуту эмиэ туһаныахха сөп эбит дии санаатым. Саамай сүрүнэ бастакы кылааска барар оҕобун бэрийдим-тэрийдим, санаам уоскуйда. Ол эрэн, карточкабар харчым көрдөрбүтүнэн биллэ аҕыйаата…
Мира Афанасьева