Үбүлүөйдээх Бэстээххэ биир сүрүн бэлэҕинэн бу нэһилиэктэн төрүттээх, олохтоох автор Варвара Никаноровна Аполлонова “Дойдубар – Бэстээххэ” кинигэтэ күн сирин көбүтэ буолла. Кинигэҕэ ааптар дойдутугар анаабыт хоһоонноро, биир дойдулаахтарын туһунан ахтыылара, пьесалара түмүллэн киирдилэр. Саҥа кинигэ «Эдьигээн сонуннара» хаһыат редакциятыгар таҥыллан, 50 экземплярынан бэчээттэнэн таҕыста. Саҥа таһаарыыны Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Акулина Харбаева редакциялаата.

— Варвара Аполлонова аата олохтоох автор быһыытынан дьонугар-сэргэтигэр киэҥник биллэр. Кини айымньыларын сэргииллэр, саҥа суруйууларын кэтэһэллэр.  Суруйа-бичийэ  үөрэммит үөрүйэҕинэн төрөөбүт Бэстээҕин үбүлүөйдээх сылыгар өссө биир кинигэтин анаата. Төрөөбүт дойдутун туһунан үтүө өйдөбүлү олохтоох автор  саҥаттан саҥа айымньыларыгар ситэрэн-хоторон суруйар. Дойду ахтылҕана, дойдуга таптал киһини хаһан баҕарар эймэнитэр, ааһан-арахсан хаалбыт иэйии буолар быһылаах. Варвара Аполлонова бу кинигэтигэр төрөөбүт Бэстээҕин араас түгэннэригэр  анабыл хоһооннорун киллэрдэ. Ону сэргэ бииргэ үөскээбит, билэр-көрөр  дьоннорун туһунан араас жанрдаах айымньыларын билсиэххит. Кини хас биирдии айымньытыгар туох эрэ саҥаны, сонуну ааҕааччытыгар этэргэ кыһаллар. Варвара Никаноровна айымньылара олох үтүө да, мөкү да өттүлэрин таарыйан ааһаллар. Автор көрүүтэ-истиитэ, ол түгэҥҥэ сыһыана  хайдаҕын толору көрдөрөллөр. Ол да иһин  үтүөнү өйдөөбүтэ, кэрэни кэпсээбитэ, соргулааҕы суруйбута  ааҕааччы болҕомтотун тарда тураллар, — диэн бэлиэтиир Акулина Харбаева.

Кинигэ тахсыытын Бэстээх нэһилиэгин дьаһалтата үбүлээтэ, онон бу кинигэ үбүлүөйгэ кэлбит дьоҥҥо күндү бэлэх быһыытынан туттарылынна.