Олунньу 13 күнүгэр Эдьигээн орто оскуолатыгар Ийэ тыл, сурук – бичик» күнүгэр «Тыл баар – бараммат баай оройуоннааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэ ыытылынна. Бу дьаһал РСФСР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, Эдьигээн улууһун бочуоттаах гражданина, Эдьигээн орто оскуолатыгар өр сылларга саха тылын уонна литературатын учууталынан үлэлээбит, биллэр общественник Ульяна Васильевна Ханчаева сырдык кэриэһигэр, Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларыгар ананна.
Бу кэмпириэнсийэни оройуоннааҕы үөрэх салалтата уонна Эдьигээн орто оскуолата үһүс төгүлүн тэрийэн ыытар. Научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ оройуон үөрэхтээһин тэрилтэлэриттэн уопсайа 9 иитээччи, учуутал кыттыыны ыллылар. Олортон Бэстээх, Лииндэ, Кыстатыам оскуолаларын учууталлара кэтэхтэн кытыннылар.
Кэмпириэнсийэни Эдьигээн орто оскуолатын дириэктэрин научнай үлэҕэ солбуйааччы Раиса Николаевна Петрова иилээн-саҕалаан ыытта. Тэрээһини «Саха саҥата» куруһуок кыттыылаахтара хомоҕой хоһооннорунан арыйдылар.
Дьүүллүүр сүбэҕэ Эдьигээн орто оскуолатын алын сүһүөх кылаас учуутала Сыроватская Л.Н., Эдьигээн орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала Иванова М.И., Эдьигээн орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ, саха тылын литературатын олимпиадатын кыайыылааҕа Быканова Айгылаана үлэлээтилэр. Кэмпириэнсийэ «Оҕону сахалыы тыыҥҥа уhуйуу көрүҥнэрэ» уонна «Сахалыы эйгэ — дьиэ кэргэнтэн» хайысхаларынан ыытылынна. Кэмпириэнсийэ түмүгүнэн «Дэвэлчэн» уһуйаан иитээччитэ Копылова Ньургуйаана Афанасьевна кыайыылаах буолары ситистэ. Бастакы истиэпэннээх дипломунан «Орончикан» уһуйаан иитээччитэ Константинова Светлана Константиновна, иккис истиэпэннээх дипломунан Лииндэ ситэтэ суох орто оскуолатын учуутала Обулахова Аида Валерьевна, үһүс истиэпэннээх дипломунан Кыстатыам орто оскуолатын учуутала Ильинова Варвара Константиновна наҕараадаланнылар. Лииндэ орто оскуолатын учуутала Ксенофонтова А.Ф., Бэстээх орто оскуолатын учуутала Семенова Л.Е., «Орончикан» уһуйаан иитээччитэ Васильева Г.И., «Орончикан» уһуйаан педагога Харбаева Е.И. үлэлиир ньымаларын оройуон таһымыгар тарҕаппыттарын туһунан туоһу суругу туттулар. Кэмпириэнсийэ кыттыылаахтара саха тылын үөрэтиигэ, сайыннарыыга, сахалыы саҥарарга, ааҕарга үөрэтиигэ бэйэлэрин уопуттарын билиһиннэрдилэр, кэпсээтилэр, санааларын үллэһиннилэр, баар кыhалҕалары ырыттылар.
-Мин үлэм аата «Оҕону сахалыы иитиигэ дьиэ кэргэн кылаата» диэн. Төрөөбүт төрүт тыл хас биирдии норуот дьылҕата, олоҕо, сайдыыта буоларын бука диэн бары билэбит. Ол иһин оҕону кыра эрдэҕиттэн төрөөбүт ийэ тылыгар уһуйуу, үөрэтии, тылын сайыннарыы биһиги иитээччилэр уонна төрөппүт сүрүн сорукпутунан буолар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн төрөөбүт төрүт тылын билбэт, эбэтэр мөлтөхтүк билэр буоллаҕына аанньа ахтыбат, аахайбат, улахаҥҥа уурбат буола улаатар. Оннук оҕо норуотун тылын, культуратын билбэт, билэ да сатаабат түбэлтэтигэр, норуотун көмүскэһэр киһи тахсыбат. Ити итэҕэстэри туоратар сыалтан, билиҥҥи олох ирдэбиллэригэр сөп түбэһиннэрэн биһиги уһуйаан иитээччилэрэ оҕо тылын сайыннарар, байытар, этигэр-хааныгар иҥэрэр, саастарынан уратыларын учуоттаан элбэх үлэни төрөппүтү кытта ыытабыт, анал программа оҥорбуппут. Бу үлэбитин ыытарбытыгар төрөппүт (дьиэ кэргэн) өҥөтө улахан. Оҕону иитии, үөрэтии, уһуйуу сүрүн эйгэтинэн дьиэ кэргэн буолара чахчы. Күннээҕи олох, үлэ, айылҕаҕа, киһиэхэ сыһыан, төрөппүт тус холобурун нөҥүө оҕо билэн улаатарын өйдүөх тустаахпыт, — диэн санаатын үллэһиннэ кэмпириэнсийэ кыайыылааҕа Ньургуйаана Копылова.
Тэрийээччилэр кэмпириэнсийэ кыттыылаахтарыгар, тэрээһиҥҥэ күүс-көмө буолбут дьоҥҥо, көрөөччүлэргэ барҕа махталларын тиэрдэллэр.