Уһуйаан оҕолоругар «Мин дойдум Кыстатыам» диэн сонун күрэх ыытылынна

Ыам ыйын 28 күнүгэр Кыстатыам нэһилиэгин «Туйаара» уһуйааныгар «Мин дойдум Кыстатыам» диэн сонун күрэх буолан ааста. Бу күрэххэ төрөппүттэр уонна оҕолор оҥорбут ойуулуур-дьүһүннүүр «Мин дойдум Кыстатыам» диэн кинигэлэрин көмүскээтилэр. Тэрээһин Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылларыгар, Кыстатыам нэһилиэгэ төрүттэммитэ 70 сылыгар ананна. 

Күрэх сүрүн сыалынан-соругунан төрөппүттэр уонна оҕолор айар дьоҕурдарын сайыннарыы, уһуйаан иитиллээччилэригэр төрөөбүт дойдуларын историятын, сайдыытын билиһиннэрии, тиэрдии, төрөөбүт дойдуларынан киэн туттуу тутулун иҥэрии буолла.
Дьүүллүүр сүбэ чилиэннэринэн нэһилиэк баһылыга Ильинов А.К., оскуола директора Ефимова Л.И., библиотекарь Гоголева А.Н. үлэлээтилэр.
-Уһуйаан сэбиэдиссэйэ Иванова Н.М. легонан оҥоһуллубут сонун, кэрэхсэбиллээх бөһүөлэк макетын көрдөрдө. Бу үлэни Светлана Николаевна уолунаан Сулустаанныын оҥорбуттар. Киһи эрэ көрөн астынар үлэтэ буолла.
Аан бастаан кыра бөлөх оҕолоро үлэлэрин дьүүллүүр сүбэ иннигэр көмүскээтилэр, иитээччи Татьяна Ильинична. Кинилэр 4 быыкаайык эбэҥки кыргыттара, эбэҥкилии астар диэн ыйытыктарга чобуо баҕайытык эппиэттэстилэр.Уруһуйдара да үчүгэй, онно төрөөбүт дойдуларын сирин аһа, балыга, кыыла киирбиттэр.
Ол кэннэ орто бөлөх оҕолоро, иитээччи Анна Георгиевна, хоһоон аахтылар уонна кинигэлэрин көмүскээтилэр. Бөһүөлэк кэрэ көстүүлээх дьиэлэрин, айылҕа маанылаах кыылларын, уруһуйдарын көрдөрдүлэр, кэпсээтилэр.
Үсүһүнэн биһиги иннибитигэр улахан бөлөх оҕолоро, иитээччи Арина Ивановна, тахсан үлэлэрин билиһиннэрдилэр. Улахан оҕолор буолан дьоһуннаахтык туттан кэпсээтилэр да, ыллаатылар да.
Дьүүллүүр сүбэ буоларбыт быһыытынан көрө-истэ охсоммут 3 бөлөххө анал ааттары анаатыбыт. Кыра бөлөххө — «Бастыҥ оонньотор-сайыннарар кинигэ»,
орто бөлөххө — «Патриотическай иитиигэ аналлаах  бастыҥ кинигэ»,  улахан бөлөххө — «Бастыҥ ойуулуур-дьүһүннүүр кинигэ» диэн анал ааттары туттардыбыт.
Наталья Михайловна оҕолор уонна төрөппүттэр оҥорбут кинигэлэринэн нэһилиэкпит 70 сыллаах үбүлүөйүгэр брошюра оҥотторор туһунан баҕа санаатын эттэ. Онуоха нэһилиэк баһылыга үп-харчы көһүннэҕинэ таһааттарыахпыт диэн бигэ тылын эттэ.
Нэһилиэк үүнэ-сайда турарыгар бука бары кыһаллыаҕыҥ, сэмэй кылааппытын киллэриэҕиҥ! Уһуйаан иитээччилэригэр, оҕолорбутугар уонна төрөппүттэргэ ис сүрэхтэн махтал тиэрдэбин! – диэн кэпсээтэ библиотекарь Анна Гоголева-Семенова.