Оройуоннааҕы ыһыах иитинэн 7-10 саастаах уолаттарга «Улуу убайбыт суолунан» күрэх буолан ааста. Бу күрэх сахалартан бастакы Олимпийскай чемпион Р.М. Дмитриев аатын үйэтитиигэ, кэнэҕэски ыччаты тустууга уһуйууга, үрдүктэн үрдүк чыпчаалларга дьулуһалларыгар такайыыга ананна. Ону сэргэ саха норуотун төрүт култууратын, өбүгэ сиэрин-туомун хааннарыгар иҥэрии буолла. Күрэххэ 5 уолан кыттыыны ылла.


Күрэххэ Алеша Филиппов, Максим Ощепков, Артем Иванов, Виталий Петров уонна Виталий Николаев кыттыыны ыллылар. Эдэр бөҕөстөр бэйэни билиһиннэрии, талааны арыйыы, спортивнай үҥкүү, хапсаҕай, сүүрүүк кыыһы эккирэтии, саха таҥаһын көрдөрүү түһүмэхтэргэ күөн көрүстүлэр. Тыҥааһыннаах киирсиилэр кэннилэриттэн “Кыайыыга дьулуурун иһин” анал ааты Алеша Филиппов уонна Максим Ощепков ыллылар. Үһүс миэстэҕэ Виталий Николаев тигистэ, иккис миэстэни Артем Иванов ылла уонна күрэх муҥутуур кыайыылааҕынан Виталий Петров ааттанна. Эдэр бөҕөстөргө харчынан бириистэр туттарылыннылар. Онтон Эдьигээн нэһилиэгин Сэбиэтин депутата Саргылаана Васильевна Соловьева саамай кыра саастаах күрэхтэһээччигэ харчынан анал бирииһин туттарда. Бириис хаһаайынынан Баахынай нэһилиэгиттэн сылдьар 9 саастаах Виталий Николаев буолла.