От ыйын 17 күнүгэр оройуон баһылыга Василий Сорокин Кыстатыам нэһилиэгэр тиийэ сырытта. Быйыл Кыстатыам эбэҥки нэһилиэгэ төрүттэммитэ 70 сылын туолар. Онон үбүлүөйгэ бэлэмнэнии үлэлэр былааннаахтык ыытыллаллар.Бу күҥҥэ бөһүөлэги тупсарыыга, эргэ дьиэлэр көтөрүллүбүт оннуларын ыраастааһыҥҥа нэһилиэнньэ күргүөмнээхтик кыттар. Василий Николаевич нэһилиэк баһылыгын Артур Ильиновы кытта сылдьан, кыстыкка бэлэмнэниигэ, ырааһырдыыга туох үлэ ыытылларын билистэ.
Олохтоохтору кытта көрсүһүүтүгэр Василий Сорокин улуус бүгүҥҥү туругун, анал байыаннай дьайыы зонатыгар гуманитарнай сырыытын туһунан кэпсээтэ. Баһылык «Спортивные якутяне» республикатааҕы үөрэнээччилэр спартакиадаларыгар ситиһиилээхтик кыттыбыт Кыстатыам оскуолатын үөрэнээччитэ Соломонов Сашаҕа сертификат туттарда. Саша көҥүл тустууга 51кг ыйааһыцца үһүс миэстэни ылбыта. Көрсүһүүгэ олохтоохтор чох тиэрдиллиитин, хаһан врачебнай амбулатория тутуллуоҕун, Интернет ситимэ тардыллыытыны туһунан туоһуластылар. Маны сэргэ тустаах докумуоннары, субсидиялары оҥорсору быһаарсарга наадалаах специалистар биир-икки күн кэлэн үлэлииллэрэ наадатын туруорустулар.