Быйылгы ыһыахха күөрчэх ытыйыыта диэн сонун тэттик күрэх буолла. Маныаха үс кэрэ аҥардар кытыннылар: ийэ, эбээ ааттаммыт Пелагея Львова, Туйаара Егорова, элбэх оҕолоох ийэ Екатерина Харбаева. Тэрийээччилэр туох наадатын чөчөгөйүттэн мас ытыгар, ытыйар иһитигэр тиийэ бэйэлэрэ хааччыйдылар, ытыйалларыгар  биирдии иһит «Сливки «Чудское озеро» биэрдилэр.

Бастакынан Туйаара Алексеевна күөрчэҕэ бэлэм буолла. Эксперт быһыытынан «Эйгэ» үлэһитэ Михаил Ефимов сырытта. «Биһиги кыра эрдэхпитинэ сарсыарда  ийэбит күөрчэҕин ытыйан, ытыга биһилэххэ охсуллар тыаһын истэн   уһуктааччыбыт. Күөрчэх мөлбөччү хойдон,   ытыктан саккыраабат буоллаҕына, ол аата сөпкө ытыйыллыбыт» диэн Михаил Иванович  тойонноото уонна көрөөччүлэргэ ытыгы ороон  көрдөрдө. Чахчы,  күөрчэх маска сыста сылдьар курдук эбит. Икки кыттааччылар күөрчэхтэрэ убаҕас буолла, онуоха эбии Екатерина Ивановна ытыгар табыллыбата, эксперт эппитинэн киниэхэ бурдугу тиэстэлиир ытык түбэспит. Инньэ гынан күөрчэҕи ытыйыы  кыайыылааҕынан Туйаара Егорова ааттанна. Бары кыттыылаахтарга  харчынан бириис бэрилиннэ.

Үгэс быһыытынан ыытыллыбыт «Уһун суһуох” күрэххэ кыыс оҕолор ортолоругар Настя Сивцева (10 тутум), оттон улахан дьоҥҥо оройуоннааҕы балыыһа үлэһитэ  Елена Иванова 9 тутуму көрдөрөн бастыҥнар ааттарын ыллылар.  Маны сэргэ  “маҥан, хара сирэйдэр” күрэстэстилэр. 2 саастаах Мичил Борисов  “маҥан киһи”аатыгар тигистэ. Оттон айылҕалыын алтыһан күн уотугар бултаан, балыктаан буспут-хаппыт Айаал Софронов “хара сирэй” буолла.

“Дьиэрэҥкэй” күрэ5эр  киирсэн биэс кыыс өр кэм устата сылайбакка  тэйиэккэлээтилэр. Ыытааччы Саргылана Ксенофонтова арыычча тохтоттто. Көрөөччүлэр ытыс таһыныыларынан Баахынайтан сылдьар Каролина Карамзина кыайыылаах таҕыста