«Үрүҥ уолан» үрдүк ааты сүгэр иһин алта уолан күөн көрүстүлэр

Эдьигээн орто оскуолатыгар Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр аналлаах, үтүө үгэскэ кубулуйбут, «Үрүҥ уолан» күрэх ыытылынна. Күрэх икки түһүмэҕинэн барда, “Өбүгэ суолунан” спортивнай күрэхтэһии уонна “Хоту дойду уоланабын” култуурунай тэрээһин. Бу күрэххэ Эдьигээн орто оскуолатыттан биэс уол күөн көрүстүлэр, онтон Кыстатыам оскуолатыттан кэлэн кыттыбыт Сергей Захаров күрэх тыҥааһынын өссө күүркэттэ.

 

 

Күрэххэ 8, 9, 10, 11 кылаас уолаттара кыттыыны ыллылар. Үөрэнээччилэр ортолоругар өбүгэ оонньууларын тарҕатыы, уол оҕо эт-хаан өттүнэн сайдарыгар төһүү күүс буолуу, сахалыы уустаан-ураннаан саҥарар дьоҕуру иҥэрии «Үрүҥ уолан» күрэх сүрүн сыалынан-соругунан буолар. «Өбүгэ суолунан» диэн бастакы түһүмэххэ уолаттар наартаны ойууга, өһөс торбос, кырынаастааһын, ойбонтон уулааһын, мас тардыһыытыгар кыахтарын холонон көрдүлэр.

«Хоту дойду Уоланабын» диэн ІІ түһүмэххэ кыттааччылар бэйэлэрин билиһиннэрдилэр, «Айылҕаттан айдаран» бэйэ сатабылын көрдөрдүлэр, ыйытыыларга хоруйдаатылар, тоҥ балыгы ыраастаатылар, национальнай таҥастарын кэтэн хааман көрдөрдүлэр.

Күрэх түмүгүнэн «Үрүҥ уолан-2024» муҥутуур кыайыылааҕынан Эдьигээн орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ Дима Аполлонов ааттанна. “Быһый уолан” үрдүк ааты ылары ситистэ Кыстатыам орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ Сергей Захаров. “Дьоҕурдаах уолан” – Эдьигээн орто оскуолатын 9 «б» кылааһын үөрэнээччитэ Иван Шемяков, “Уус тыллаах уолан” — Эдьигээн орто оскуолатын 8 «а» кылааһын үөрэнээччитэ Миша Христофоров, “Мындыр уолан” — Эдьигээн орто оскуолатын 9 «а» кылааһын үөрэнээччитэ Данил Алексеев, “Хотугу уолан” — Эдьигээн орто оскуолатын 8 «в» кылааһын үөрэнээччитэ Владислав Алексеев анал ааттарга тигистилэр.

-Мин аан бастакытын маннык күрэххэ кыттан кыахпын холонон көрдүм. Күрэх бастакы түһүмэҕэр уопсай түмүгүнэн үһүс миэстэҕэ тахсыбытым, ордук ойбонтон уулааһыҥҥа үчүгэй көрдөрүүлэммитим. Онтон күрэх култуурунай чааһыгар чаҕылхайдык кытынным дии санаатым. Бэйэни билиһиннэриигэ, бэйэм туспунан медиавизитка оҥорон көрдөрөн, дьон биһирэбилин ыллым диэн эрэх-турах сананабын. Мин бэйэм спорт көрүҥнэриттэн волейболу ордоробун уонна дьарыктанабын. Дьиэ кэргэнинэн айылҕаҕа сылдьарбын, балыктыырбын сөбүлүүбүн. Айылҕа кэрэ, ураты көстүүлэрин хаартыскаҕа түһэрэр, видеоҕа устар дьарыктаахпын. Инникитин журналист идэтигэр уһуйар үрдүк үөрэххэ киирэр баҕа санаалаахпын, бэйэбин ол эйгэҕэ көрөбүн. Үөрэҕим таһынан спордунан дьарыктанабын, «Дылачыкан» үҥкүү ансамбылыгар сылдьабын, оскуола иһинэн үлэлиир «Позитив» пресс-киин чилиэнэ буолабын. Былырыын оскуола үөрэнээччилэрин итэҕэллэрин ылан президенынан талыллыбытым. Өрөспүүбүлүкэ, дойду таһымнаах научнай-практическай конференцияларга ситиһиилээхтик кыттабын, оройуон култуурунай, спортивнай тэрээһиннэригэр көхтөөх кыттыыны ылабын. Күрэххэ ситиһиилээхтик кыттарбар күүс-көмө, өйөбүл буолбут дьиэ кэргэммэр, аймахтарбар, бииргэ үөрэнэр оҕолорбор, учууталларбар барҕа махталбын тиэрдэбин, — диэн кэпсээтэ «Үрүҥ уолан-2024» күрэх муҥутуур кыайыылааҕа Дима Аполлонов.

«Үрүҥ уолан — 2024» күрэх кыайыылааҕар добун сурук, өйдөбүнньүк бэлэх уонна кубок туттарыллынна. Онтон анал аакка тиксибит кыттааччылар туоһу суруктары уонна анал бэлэхтэри ыллылар. Күрэххэ өйөбүл буолбут тэрилтэлэргэ – Олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатыгар, оройуоннааҕы култуура уонна туризмы сайыннарыы салаатыгар, ыччат политикатын уонна спорт отделыгар, оройуоннааҕы ис дьыала отделыгар, Эдьигээн нэһилиэгин дьаһалтатыгар, урбаанньыт Софронов А.А.тэрийээччилэр махталларын тиэрдэллэр.