Бүгүн балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха сирин олохтоохторо өрөспүүбүлүкэбит Судаарыстыбаннаһын күнүн бэлиэтиибит. Бу бэлиэ күҥҥэ Эдьигээн олохтоохторо өрөгөйдөөх тэрээһиҥҥэ муһуннулар. Дьаһал Саха сирин өрөгөй ырыатын толорууттан саҕаланна. «Оһуор» эбээлэр түмсүүлэрэ алгыстаах алаадьынан кэлбит дьону күндүлээтилэр.
Эдьигээн оройуонун баһылыгын бастакы солбуйааччы Дмитрий Татаринов, (Суглан) оройуоннааҕы депутаттар Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Юрий Шамаев, Эдьигээн нэһилиэгин баһылыга Степан Портнягин, Эдьигээнтэн төрүттээх ыалдьыт, суруналыыстыка бэтэрээнэ, СӨ (Ил Түмэн) Судаарыстыбаннай мунньаҕын депутатынан талыллан үлэлээбит Татьяна Элляева эҕэрдэ тылларын бар дьонноругар тиэртилэр. Сахабыт өрөспүүбүлүкэтин сайдыытыгар кылааттарын киллэрбит улуу убайдарбыт Платон Ойуунускай, Максим Аммосов, Исидор Барахов үтүө ааттарын, сыраларын ахтан-санаан аастылар. Эдьигээн орто оскуолатын выпускнига, биһиги оройуоммутуттан үлэтин саҕалаабыт СӨ бастакы Президена Михаил Николаев аата ааттанна. Оройуон салалтата Эдьигээн нэһилиэгин өрүс үрдүнээҕи биэрэгин бөҕөргөтөн, тутуу ыытан Михаил Ефимович Николаев аатын иҥэрэр, пааматынньык туруорар санаалаахтарын иһитиннэрдилэр.
Бу күн мустубут дьон Ксенофонт Уткин тылыгар уонна Алексей Калининскай мелодиятыгар “Саргыбыт сайыннын” ырыаны ыллаатылар, «Осиктакан» үҥкүү ансамбылын салайыытынан Оһуор үҥкүүтүн толордулар. «Юктэ» үҥкүү ансамбыла эҕэрдэ үҥкүүтүн бэлэх уунна. Тэрээһин оһуохайынан түмүктэннэ.