Атырдьах ыйын 29 күнүгэр Кыстатыам оскуолатын 70 сыллаах үбүлүөйүн көрсө тэрээһиннэр буолан аастылар. Бу күн кэлбит дьон педагогическай үлэ бэтэрээнэ, нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо Татьяна Николаевна Бурцева көҕүлээһининэн, оскуола дьаһалтатын өйөбүлүнэн матырыйааллара, истиэндэлэрэ саҥардыллыбыт, оройуоннааҕы үөрэх управленията саҥа мебелинэн хааччыйбыт оскуола историятын кэрэһэлиир түмэл үөрүүлээх арыллыытыгар сырыттылар. Салгыы аһаҕас уруоктар, кылаас чаастара ыытылыннылар.
2022 сыллаахха үлэҕэ киирбит таас, толору хааччыллыылаах, аныгы олох ирдэбилигэр эппиэттиир 90 миэстэлээх оскуола-уһуйааны көрүү-истии буолла. Оскуола үөрэнээччилэрин уонна үлэһиттэрин талааннарын арыйар быыстапка, эҕэрдэ кэнсиэрэ туруорулунна. Киэһэ, 2019 сыллаахха нэһилиэк 65 сыллаах үбүлүөйүгэр арыллыбыт, нэһилиэги төрүттээччилэр сквердэригэр олохтоохтор, ыалдьыттар мустан оччотооҕу кэм дьонун ахтан-санаан аастылар.
Үбүлүөй иккис күнүгэр оскуолаҕа «История родной школы 1954-2024гг.» диэн саҥа кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. Бу саҥа, халыҥ, дириҥ ис хоһоонноох Кыстатыам оскуолатын 70 сыллаах үбүлүөйүгэр анаммыт кинигэҕэ оскуола тэриллиитин историята, билиҥҥитэ суруллубут, хаартыскаларынан бигэргэммит. Кинигэҕэ алын сүһүөх, аҕыс кылаастаах оскуолаттан орто оскуола буола үүммүт баай ис хоһоонноох докумуоннар, хаартыскалар, выпускниктар, араас сылларга үлэлээн ааспыт, билигин үлэлии сылдьар учууталлар, үлэһиттэр ахтыылара киирбиттэр. Саҥа таһаарыыны педагогическай үлэ бэтэрээнэ Татьяна Николаевна Бурцева хомуйан оҥорбут. Кинигэҕэ үлэлээбит бөлөххө Борохин М.А., Ефимова Л.И., Бурцева Т.Н., Иванова Л.Н., Иванов В.П., Дьяконова М.А. киирбиттэр. Кинигэҕэ И.Н.Корнилов аатын сүгэр оскуола түмэлиттэн, учууталлар Харитонова М.А., Борисова М.П., Бурцева Т.Н., Ефимова Л.И. о.д.а тус бэйэлэрин архыыптарыттан хаартыскалар, матырыйааллар киирбиттэр. 200 экземплярдаах, 238 страницалаах кинигэ Эдьигээн оройуонун, Кыстатыам нэһилиэгин, Кыстатыам оскуолатын дьаһалталарын үбүлээһиннэринэн Габышева В.В. чааһынай тэрилтэтигэр редакцияланан, таҥыллан, «Дани-Алмас» типографияҕа бэчээттэнэн тахсыбыт. Кинигэ эппиэттиир сэкирэтээринэн Линда Николаевна Иванова, редакторынан Василий Петрович Иванов, дизайнерынан Садовникова Е.Д., компьютерга таҥааччынан Тимофеева А.В. үлэлээбиттэр. Кинигэ сүрэхтэниитигэр оройуон баһылыгын бастакы солбуйааччы Дмитрий Татаринов, оскуола директора Людмила Ефимова, Кыстатыам баһылыгынан үлэлии сылдьыбыт Сергей Корякин, педагогическай үлэ бэтэрээннэрэ Татьяна Бурцева, Татьяна Константинова, эппиэттиир сэкирэтээр Линда Иванова, араас сыллардааҕы выпускниктар ааттарыттан Иван Константинов, Нюргустаана Корякина, Розалия Ильинова, Наталья Саввинова эҕэрдэ тылларын эттилэр, кинигэ күн сирин көрүүтүн историятын кэпсээтилэр.
«Хас биирдии киһи сүрэҕэр кини үөрэммит, үлэлээбит оскуолата куруутун чугас, сырдык, сылаас иэйиини саҕар, ааттыын истиҥник иһиллэр. Мин 1975с. университеты бүтэрэн баран Кыстатыам аҕыс кылаастаах оскуолатыгар ананан учууталынан, завуһунан, директорынан үлэлээбит. Кыстатыамҥа олорбут сылларым миэхэ олус күндүлэр, үлэһит буоларбар бастакы хардыыны, олугу уурбут сирбинэн ааҕабын. Кыстатыамҥа билии кыһата-оскуола аһыллыбыта 70 сыллаах үбүлүөйүнэн педагогическай үлэ бэтэрээннэрин, оскуоланы араас сылларга бүтэрбит выпускниктары, нэһилиэк олохтоохторун, оскуола бары үлэһиттэрин, үөрэнээччилэрин итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Баҕарабын бигэ туругу, үөрэххитигэр, үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри, айымньылаах үлэни! Сайдыы, үүнүү саҥа саҕахтара эһиги иннигитигэр куруук арылла турдуннар!» — диэн истиҥ тыллардаах Игнатьева-Скрябина Татьяна Николаевна эҕэрдэ суругун бу күн ааҕан иһитиннэрдилэр.
Татьяна Николаевна 1975-1979 сс. Кыстатыам аҕыс кылаастаах оскуолатын директорынан, завуһунан үлэлээбитэ, СӨ нэһилиэнньэтин социальнай көмүскэлин үтүөлээх үлэһитэ, СӨ социальнай сулууспатын туйгуна, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо.