Бэстээх нэһилиэгэ тэриллибитэ 75 сыла

Бүгүн атырдьах ыйын 18 күнүгэр Эдьигээн оройуонун Бэстээх нэһилиэгэ тэриллибитэ 75 сылын бэлиэтиир үбүлүөйдээх тэрээһиннэр саҕаланнылар. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыраахтан-чугастан ыҥырыылаах ыалдьыттар, Бэстээхтэн төрүттээхтэр, олорон, үлэлээн ааспыт дьон-сэргэ, олохтоохтор тоҕуоруһа муһуннулар. Бэстээх бөһүөлэгэ Өлүөнэ өрүс бар дьоҥҥо биллэринэн аатырбыт түөрдүөн түөрт арыыларын Бэстээх диэн үрэх хаҥас биэрэгэр 1948 сылтан тэриллибитэ. Салгыы «Олимпка Бэстээхтэн силис тардан» кинигэҕэ киирбит Бэстээх тэриллиитин туһунан чахчылары ааҕаргытыгар ыҥырабыт.

Бу иннинэ Бэстээх сирин-уотун үөрэтэн, көрөн- билэн баран, андаатар бултуурга, иитиэх кыылы тутарга сөптөөх миэстэ эбит диэн абыйах ыал кэлэ-бара олоро сылдьыбыттара. 1949 сыллаахха Бэстээххэ сэттэ балаҕан, ааҕар дьиэ, кыһыл муннук баара. Бэстээх тула олорор дьон андаатар туттаран бородуукта, саа сэбэ ылаллара. Почтаны кыһынын дьаамынан, сайынын уу суолунан Эдьигээн бөһүөлэгиттэн илдьэллэрэ-аҕалаллара. Бөһүөлэк тэриллиэбиттэн Портнягин Степан Иванович салайааччылаах 15 киһилээх биригээдэ түн ойууру солоон кыыл иитэр ферманы тутан саҕалаабыттара. Кэлин өттүгэр күөх кырсаны иитэр барыыстааҕын билбиттэрэ. Бу үлэни-хамнаһы «Холбос» респотребсоюз дьаһайан олорбута. Кыыллары олохтоох дьон бултаан-балыктаан аһаталлара.

1951 сыллаахха бөһүөлэк тутуута саҕаламмыта: метеостанция, дьону эмтиир медпункт тутуллубуттара, дьон олохсуйан, бөһүөлэк кэҥээн-сайдан барбыта. Тутуу бастакы биригэдьииринэн С.А. Гоголев үлэлээбитэ. 1200 бэрэбинэни уунан уһааран аҕалан хаптаһын, буруус, лафет онорбуттара. Оччотооҕуга итини барытын техника суоҕа бэрт буолан илии эрбиитинэн бэлэмнииллэрэ, бу үлэни барытын маастар Ф.Д. Дураковы кытта И.А. Быскасов, Н.Д. Саввинов-1, П.Д. Митясов оҥорбуттара. Бэстээх үрэҕин кытыытынан сырдык-ыраас, сабыс-саҥа дьиэлэр субуруспуттара.

Күһүн 1952 сыллаах үөрэх сылыгар оройуон үөрэбин управлениетын дьаһалынан ыал олорор дьиэтин аҥарыгар начальнай оскуола аһыллыбыта. Маннайгы директорынан Н.Н. Сивцев анаммыта. Оскуолаҕа 11 булчуттар, балыксыттар, кыылы иитээччилэр оҕолоро киирбиттэрэ.

1958 сылтан кыһынын икки миэстэлээх самолет көтөр буолбута, үрэххэ түһэрэ. 1962 сыллаахха электростанция тутуллубута, ити сыл ыал олорор дьиэтигэр 25 миэстэлээх детсад аһыллыбыта. Сэбиэдиссэйинэн А.Н. Корнева үлэлээбитэ. Бу дьыл Бэстээҕи сааскы халаан уута улаханнык ылбыта. Эдьигээнтэн вертолетунан көмө, бородуукта таспыттара.

1967 с. «Холбос» фермата ороскуотун кыаммат диэн эһиллибитэ. Онон звероферма «Эдьигээн» совхоз кырса иитэр отделениета буолбута, салалта үөһэттэн үлэлиирэ. Бу кэмнэ кырса ахсаана 7000-ҕа тиийэ сылдьыбыта. Ферма салайааччыларынан араас бириэмэҕэ П.Е. Максимов, Г.Д. Корнев, П.Н. Топорков уо.д.а. үлэлээбиттэрэ. Уһун сылларга үрдүк таһаарыылаахтык кырса иитээччилэринэн М.В. Алексеева, О.Т. Саввина, О.И. Ильинова, М.Х. Яковлева, М.Х. Дагданча, Х.О. Дмитриева, Н.Н. Сысолятина, М.Г. Корякина, Ф.С. Спиридонова, М.Ф. Матвеева уо.д.а. үлэлээбиттэрэ.

1968 сылга диэри Бэстээх Лииндэ нэһилиэгин сэбиэтигэр киирсэрэ 1969 сыл Саха АССР Верховнай Советын Президиумун Председатель Овчинникова А.Я. бэс ыйын 18 күнүнээҕи (№1/606) укааһынан Бэстээх нэһилиэгин сэбиэтэ Бэстээх, Кубалаах, Сахам диэн нэһилиэнньэлээх пууннары киллэрэн туран тэриллибитэ. Сэбиэт председателлэринэн араас сылларга Д.П. Софронов, И.А. Слепцов, Н.Р. Константинов, В.Г. Софронов, К.А. Павлов, Ф.И. Корякин, Г.Ф. Мальцев, М.Х. Соломонова үлэлээбиттэрэ.

1972 сыллаахха Бэстээх отделениета 60-ча үлэһиттээх, тыыһынчанан күөх кырсалаах, ынах сүөһүнү иитэр фермалаах, 18 сылгылаах, 120 табалаах этэ. Ынахтан үүтү ылыыга оройуон чемпион ыанньыксыттарынан Ю.Ф. Дураков, И.Д. Чемпоров буолбуттара.

Эдьигээн совхоз Бэстээх отделениета тэриллиэҕиттэн сатабыллаахтык салайан управляющайдарынан П.С. Шадрин, К.К. Тюляхов, В.И. Петров, И.Г. Федотов, М.М. Соломонов уһуннук үлэлээбиттэрэ. Отделение булчуттара-балыксыттара тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар улахан кылааттарын киллэрбиттэрэ. Кинилэр биирдии бэйэлэрэ пятилеткаҕа 4-6 тыһ. андаатар тириитин, 17-18 тыһ. күндү түүлээҕи (киис, саһыл, кырынаас) бултаан государствоҕа туттараллара. Балыксыттар сылга 70-ча туонна кыылга сиэтэр балыгы, 30-ча туонна сортовой балыгы туттараллара. Чемпион булчуттар И.А. Быскасов, А.А. Васильев, А.А. Дмитриев ааттара республикаҕа тиийэ дорҕоонноохтук ааттаммыттара.

Оройуон иһинээҕи күрэхтэһиигэ хайа да нэһилиэктээҕэр Бэстээх общественнай үлэҕэ, производствоҕа үрдүк ситиһиилэрдээҕэ: икки төгүл көһөрүллэ сылдьар Кыһыл Знамянан наҕараадаламмыта.

Бэстээх нэһилиэгэ 1980 сыллаахха республика 240 сельсоветтарын ортолоругар социалистическай куоталаһыыга бастаан ССКП обкомун, Саха АССР Миниистэрдэрин Советын, ЯОСПС уонна ЫБСЛКС обкомун көһөрүллэ сылдьар Кыһыл Знамятынан наҕараадаламмыта.

1985-2000 сылларга диэри Бэстээххэ саҥалыы тииптээх кулууп-спортзал, балыыһа, ДЭС, ГСМ пууннара, детсад, администрация дьиэтэ, 8 кылаастаах оскуола тутуллан дэриэбинэ сайдыбыта. Ан-2 самолет түһэр авиаплощадката тутуллубута.

1998 сыллаахха улахан уу кэлэн Бэстээх бөһүөлэгин үрэх кытыытынааҕы өттүгэр улахан хоромньуну оҥорбута: сорох олорор дьиэлэри, оттук мастары, малы-салы уу илдьэ барбыта. Манна нэһилиэк олохтоохторо бары түмсэн, суһал быһаарыныы ылынан, үөһээ — мырааҥҥа көһөн тахсыбыттара. Улахан көмөнү предприниматель Е.Ф. Андреев оҥорбута. 2007-2008 үөрэх сылыгар сана типовой оскуола-сад үлэҕэ киирбитэ. Билигин Бэстээххэ тиһигин быспакка СДК «Сарыал»,  «Почта России», Сахателеком Эдьигээннээҕи филиала, ОАО «Ростелеком», модульнай электростанция, оройуон библиотекатын филиала, хлебопекарня тигинэччи үлэлииллэр. Нэһилиэнньэни
аһынан-таҥаһынан чааһынай маҕаһыыннар хааччыйаллар. 2017 сылга бөһүөлэккэ Билайн-сотовай сибээһэ киирбитэ.

Нэһилиэк дьоно-сэргэтэ бэйэлэрин үлэлэринэн, наукаҕа, спорка ситиһиилэринэн элбэх үтүөнү, үйэлээҕи оҥорбут дьоннорунан киэн туттар: ол курдук, көҥүл тустууга олимпийскай чемпионунан Роман Михайлович Дмитриевынан, ССРС икки төгүллээх чемпионунан Гаврил Михайлович Дмитриевынан, физико-математическай наука докторынан, Саха Республикатыттан ЮНЕСКО представителинэн үлэлээбит Григорий Васильевич Томскайынан, Саха сирин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитинэн Иван Афанасьевич Быскаковынан, Бочуот Знага орденнаах булчутунан Алексей Андреевич Дмитриевынан.

Билигин «Бэстээх нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан Петр Олегович Афанасьев талыллан үлэлии сылдьар. Эдэр салайааччы нэһилиэккэ эдэр ыччаты үлэҕэ, олоххо тардыа диэн эрэл улахан, онно бары усулуобуйаны тэрийсиэ дии саныыбыт. Билигин нэһилиэккэ 184 киһи олорор, ол иһигэр 57 оҕо, үлэлиир киһитэ — 98, 40 ыччат бөһүөлэк инники сайдыытын түстүүллэр. Бэстээх нэһилиэгин олохтоохторо оройуон бары культурнай-сырдатар үлэтигэр ситиһиилээхтик кытталлар, инникигэ эрэллээхтик сайдыы суолун тутуһан үлэлии-хамсыы олороллор.    «Олимпка Бэстээхтэн силис тардан» кинигэ, «Бэстээҕим барахсан» ыстатыйаттан, автор  В.Н.Аполлонова.