Бэстээх нэһилиэгин “Сарыал” сынньалаҥ киинин дьиэтэ быйыл сайын хаарбах туруктанан, олохтоох дьаһалта быһаарыытынан эргэ балыыһа дьиэтигэр көһөрүллүбүтэ. Сынньалаҥ киин үлэһиттэрэ урукку балыыһа дьиэтигэр косметическэй өрөмүөн ыытан, сэтинньи ый саҥатыттан култуурунай тэрээһиннэри ыытан саҕалаатылар.
Сэтинньи 4 күнүгэр Норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр ырыалаах-тойуктаах, көрдөөх сценкалардаах, спринт лотереялаах сынньалаҥ киэһэтэ ыытылынна. Ону сэргэ, уһуйаан уонна оскуола саастаах оҕолор ортолоругар «Все вместе» хаартысканан күрэх буолан ааста. Кыттааччылар араас омук национальнай көстүүмнэрин кэтэн турар хаартыскаларын ыытан күрэххэ көхтөөх кыттыыны ыллылар. Сэтинньи устата СВО кыттыыны ыла сылдьар буойуттары өйүүр сыаллаах «Бары бииргэ» акция тэрилиннэ. Манна нэһилиэк олохтоохторо, тэрилтэлэр бородуукта нобуорун, бэйэ астаабыт аһын, таҥас-сап хомуйдулар. Сэтинньи 11 күнүгэр Хомсомуол 105 сылыгар аналлаах тэрилтэлэр, аҕам саастаах дьон ортолоругар күрэх биллэрилиннэ. Бу күрэххэ кыттааччылар хомсомуол туһунан ыарыаны толордулар, ретро муода көрдөрдүлэр, СССР саҕанааҕы бүлүүдэни астаатылар, дьиэ кэргэн кэриэс малын-салын аҕалан көрдөрдүлэр, урукку сээкэйдэри атыыга таһаардылар. Тэрээһин түмүгүнэн «Мичил» уһуйаан коллектива таҕыста уонна портативнай колонканы бэлэх тутта. Сэтинньи 16 күнүгэр Саха сирин бастакы Президенын М.Е.Николаев төрөөбүт күнүгэр аналлаах «Мин дойдум Бэстээҕим инники сайдыыта» диэн оскуола үөрэнээччилэрин ортолоругар тыл этээччилэр күрэхтэрэ буолан ааста. Күрэх кыайыылааҕынан 8 кылаас үөрэнээччитэ Дайаана Корякина ааттанна, иккис миэстэ – Кира Мальцева (8 кыл.), үһүс миэстэ – Егор Васильев (6 кыл.). Сэтинньи 18 күнүгэр Саха сэбиэскэй литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ П.А.Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах оскуола оҕолоругар уонна улахан дьоҥҥо хоһоон күрэҕэ биллэриллибитэ. Манна «Көҥүл ырыата» хоһоону толорон кыайыылааҕынан 4 кылаас үөрэнээччилэрэ буоллулар уонна харчынан бириис туттулар, иккис миэстэ – Алик Ефремов (5 кыл.), үһүс миэстэ – Вилена Гаврильева (8 кыл.). Сэтинньи 25 күнүгэр Россия Ийэлэрин күнүгэр аналлаах эҕэрдэ кэнсиэрэ тэрилиннэ.