Атырдьах ыйын 18 күнүгэр Бэстээх нэһилиэгэ тэриллибитэ 75 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр чэрчилэринэн, култуура эйгэтин үлэһиттэрэ ыччакка анаан ырыа аргыстаах доҕордоһуу киэһэтин тэрийдилэр.

Саха эстрадатын эдэр сулуһа Юлиан Семенов уонна «Саха» НКИХ «Саҥа күн» биэрии ыытааччыта, ырыаһыт Роман Алексеев-Амор Бэстээх үбүлүөйүгэр аналлаах култуурунай тэрээһиннэргэ кыттыыны ылаллар.

-Бу күн ыччакка анаан кутаа уоту тула олорон гитара доҕуһуоллаах ырыа эйгэтин тэрийдибит. 90-с сыллардаахха аата ааттаммыт ырыаһыт Никифор Семенов уола Юлиан Семенов уонна «Саха» НКИХ биэрии ыытааччыта, ырыаһыт Амор доҕордоһуу киэһэтин тэрийэргэ күүс-көмө буоллулар. Бу киэһэ олорон «Таайыллыбат таабырыҥҥын-Бэстээх кыыһа эн нарыҥҥын» диэн нарын-намчы биир кэрэ ырыа айыллан таҕыста. Бу ырыа Бэстээх үбүлүөйүгэр биир истиҥ бэлэҕинэн буолла, — диэн култуура уонна туризмы сайыннарыы отделын салайааччыта Аполлон Степанов кэпсээтэ.