Ыам ыйын 25 күнүгэр Бэстээх нэһилиэгэр саха алгыстаах үҥкүүтүн — оһуохай күнүгэр, сайыны көрсүү тэрээһинэ буолан ааста. Бу күн Зинаида Павловна Николаева, Нина Петровна Мучиринова, Анастасия Егоровна Иванова, Анна Григорьевна Осипова, Варвара Михайловна Иннокентьева, Мария Константиновна Кангаласова саха норуотун уостан түспэт ылбаҕай ырыаларын толордулар. Тэрээһиҥҥэ кэлбит дьон сахалыы оонньуулары оонньоотулар.
-«Мичил» оҕо уһуйаанын үлэһиттэрэ фотозона оҥорон тэрээһин кыайыылааҕа буоллулар. Варвара Михайловна Иннокентьева араас улуустар оһуохайдарын толорон күрэх кыайыылааҕынан ааттанна. Татьяна Васильевна Аммосова “күлүүстэһии” диэн сахалыы оонньууга тэҥнээхтэрин булбата. Бу күн сахалыы ас арааһын, анды миинин, ыыһаммыт эти амсайан, айылҕаҕа сынньанан астынан-дуоһуйан тарҕастыбыт, — диэн иһитиннэрдэ «Сарыал» сынньылаҥ киин салайааччыта Наталья Холмогорова.