VIII «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуу бэс ыйын 25 — от ыйын 7 күннэригэр Дьокуускай куоракка ыытыллыаҕа. Барыта 3000 кэриҥэ спортсмен кыттыыны ылара былааннанар, 17 сайыҥҥы спорт көрүҥэр күрэхтэһиэхтэрэ. Билиҥҥи туругунан, Азияттан 6 дойду, Арассыыйаттан 8 эрэгийиэн кытталларын биллэрбиттэр. Бу үрдүк таһымнаах күрэххэ, улахан сүүмэрдээһини ааһан Эдьигээн оройуонуттан араас сылларга 5 спортсмен ситиһиилээхтик кыттыбыттара, төрөөбүт дойдуларын аар-саарга аатырдыбыттара. Олортон көҥүл тустууга биир нэһилиэктэн төрүттээх Иосиф Корнилов уонна Валерия Корякина «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы оонньууга үрүҥ уонна кыһыл көмүс мэтээллэри хамаандаларыгар аҕалбыттара.
1996 сыллаахха биһиги бастакы президеммит Михаил Ефимович Николаев бэйэтин күүстээх санаатынан аан дойдутааҕы таһымнаах «Азия оҕолоро» диэн оонньууну тэрийбитэ. Онтон ыла сайыҥҥы «Азия оҕолоро» алтата Саха сиригэр, кыһыҥҥы Сахалинскай уобаласка, сайыҥҥы Приморьеҕа уонна кыһыҥҥы Кузбасска ыытыллан кэллэ. Эдьигээн оройуонуттан «Азия оҕолоругар» араас сылларга 5 спортсмен кыттыыны ылбыта – Иосиф Корнилов, Николай Иванов, Валерия Корякина, Альберт Петров, Аэлита Яковлева. Олортон биир нэһилиэктэн төрүттээх көҥүл тустууга Иосиф Корнилов уонна Валерия Корякина «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы оонньууга ситиһиилээхтик кыттыбыттара. Корнилов Иосиф 2000 сыллаахха ІІ спортивнай оонньууларга өрөспүүбүлүкэ чиэһин көмүскээбитэ. Онно 42 киилэҕэ тустан, үрүҥ көмүс мэтээли ылары ситиспитэ. Иосиф 1984 сыл атырдьах ыйын 30 күнүгэр Эдьигээн оройуонун Кыстатыам нэһилиэгэр Анна, Александр Корниловтар дьиэ кэргэттэригэр бастакы оҕонон күн сирин көрбүтэ. Кыра кылаастан тустууга дьоҕурдаах диэн, төрөппүттэрэ 1995 сыллаахха Д.П.Коркин аатынан Чурапчытааҕы оҕо спортивнай оскуолатыгар үөрэттэрэ ыыппыттара. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан өрөспүүбүлүкэтээҕи турнирдар призердара буолан, төрөппүттэрин уонна биир дойдулаахтарын үөрүүлэрин үксэппиттэ. 1997 с. Россиятааҕы үөрэнээччилэр чемпионаттарын иккис призера буолбута. 2000-2001 сыл үөрэх дьылыгар онус кылааска үөрэҕин «Олимпийскай эрэллэр» училищеҕа (УОР) салҕаабыта. 2001 с. Россияҕа ыытыллыбыт кадеттар икки ардыларынааҕы чемпионакка 42 киилэҕэ тустан ІІ миэстэ буолбута. 2002 с. училищены ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. 2003 с. Россиятааҕы юниордар чемпионаттарыгар І миэстэни ылан, Россия чемпиона буолбута. 2004, 2005 сылларга Белоруссияҕа, Украинаҕа ыытыллыбыт Аан дойдутааҕы чемпионакка миэстэлэспитэ. 2006 с. Дмитрий Коркин аатынан көҥүл тустууга норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга Иосиф 55 киилэҕэ тустан кыайыыны ситиспитэ. 2007с. Бурятияҕа ыытыллыбыт Б.Д.Будаев бирииһигэр норуоттар икки ардыларынааҕы күрэххэ, 60 киилэҕэ үһүс миэстэ буолбута. Иосиф Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар менеджмент салаатыгар үөрэммитэ. Айылҕаҕа сылдьарын олус сөбүлүүр, баартаах булчут, балыксыт. Иосиф Корнилов көҥүл тустууга Россия спордун маастара.
-Үрдүк таһымнаах «Азия оҕолоро» оонньууга кыттыыны ылбыппыттан киэн туттабын. Ол кэмҥэ мин тренербинэн ССРС спордун маастара, СӨ үтүөлээх тренерэ Сысолятин Игнат Михайлович этэ. Чурапчытааҕы оҕо спортивнай оскуолатыгар үөрэнэ барыам иннинэ, Кыстатыамҥа миигин тустууга Альберт Колесов уһуйбута. Биллэн туран, тренер хас биирдии спорсмен сайдарыгар, ситиһиилэнэригэр суолтата, өҥөтө улахан, онон тренердарбар махталым муҥура суох. Билигин төһө да тустуунан дьарыктамматарбын бу спорт көрүҥүн өрө тутабын, кэрэхсиибин. Оҕолорго, улахан дьоҥҥо ыытыллар күрэхтэри көтүппэккэ көрөбүн, — диэн кэпсээтэ Иосиф Корнилов.
Валерия Корякина VIII кылааска диэри Эдьигээн оройуонун Кыстатыам орто оскуолатыгар үөрэммитэ. Төрөппүттэрэ кыыстарын сөптөөх кэмҥэ таба тайанан ІХ кылаастан Нерюнгритааҕы Арктика оскуолатыгар үөрэттэрэ ыыппыттара. Онно үөрэнэ сылдьан, Валерия бэйэтин үчүгэй өттүнэн көрдөрбүтэ. Хаһан да тустан көрбөтөх кыыс, тренер Россия спордун маастара, РФ үтүөлээх тренера Колодезников Ким Кимович салайыытынан, бэрт кылгас кэм иһигэр эрчиллэн, Дальнай Востокка ІІ миэстэни ылан, өрөспүүбүлүкэтээҕи турнир үһүс призера буолан, «Азия оҕолоро» IV оонньууларыгар кыттар чиэскэ тиксибитэ. 2008 сыллаахха буолбут «Азия оҕолоро» оонньууларга Валерия кыргыттар икки ардыларыгар ыытыллыбыт көҥүл тустууга 62 киилэҕэ кыайыылаах буолары ситиспитэ уонна кыһыл көмүс мэтээл хаһаайкатынан буолбута. Валерия алта оҕолоох Саргылана Порфирьевна уонна Валерий Васильевич Корякиннарга бүтэһик оҕонон күн сирин көрбүтэ. Валерия убайдара Александр, Виталий Корякиннар Саха сирин биллэр-көстөр тустууктара буолаллар. Виталий Корякин РФ спордун маастара, көҥүл тустууга норуоттар икки ардыларынааҕы Таджикистан республикатын кылаастаах спорт маастара. Саха сиринээҕи, Россиятааҕы, Норуоттар икки ардыларыннааҕы, Аан дойдутааҕы турнирдар кыайыылаахтара буолар. 2008 сыллахха Кытай өрөспүүбүлүкэтин Пекин куоратыгар ыытыллыбыт XXIX Олимпийскай оонньуулар кыттыылааҕа. 2008с. СӨ спордун лаурета буолары ситиспитэ. Билигин Чурапчытааҕы оҕо спортивнай оскуолатын тренеринэн үлэлиир. Виталий Витальевич дьарыктыыр оҕото, Кыстыамтан төрүттээх Никифор Семенов быйылгы «Азия оҕолоро» оонньууларга көҥүл тустууга кыттыыны ылаары сылдьар.
Александр Корякин көҥүл тустууга норуоттар икки ардыларынааҕы РФ кылаастаах спорт маастара. Дойду уонна норуоттар икки ардыларынааҕы турнирдар чемпиона уонна призердара буолар.
-«Азия оҕолоро» оонньуулар кэннилэриттэн, оскуолаҕа сылдьан, «Надежда России» бүтүн Россиятааҕы турнирга көҥүл тустууга кыттан илиибин тоһутан, хомойуох иһин, салгыы спортан тэйбитим. Спордунан дьарыктаныы биһиги дьиэ кэргэммитигэр салҕанан барар. 2022 сыллаахха Владивосток куоракка ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» VII оонньууларыгар өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн улахан эдьиийим Татьяна Валерьевна уола Виталий Корякин ох саанан ытыыга кыттыыны ылбыта. Онтон убайым Виталий Валерьевич уола Валера Корякин греко-римскай тустуу көрүҥэр кыттыбыта, — диэн иһитиннэрдэ Валерия Корякина.
Саха сиригэр быйыл буолаары турар VIII «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы оонньууларга Эдьигээн оройуонуттан төрүттээх үс оҕо кыттыыны ылара былааннанар. Онон хотугу улуустан «Азия оҕолоро» спортивнай оонньууларга кыттыыны ылар оҕолор улахан спорка тахсалларыгар суолу тэлэ аһан, өссө да ситиһиилэри аҕала туруо диэн эрэнэбит. Онуоха оҕолоругар күүс-көмө, өйөбүл буола сылдьар төрөппүттэргэ, тренердарга ситиһии өссө да тосхойо туруохтун.