Кыстатыам олохтоохторугар Тиксиигэ тиийэ сылдьар «Механик Кулибин» теплоход сырыыта са5аланыыта мэлдьи кэтэҺиилээх түгэн. Дьокуускай хайысхатынан айаҥҥа бу теплоход эрэ кинилэр бириистэннэригэр тохтоон ааһар. Онон кэлэ-бара айаннааччы мэлдьи элбэх буолар.
Онон устар аалы кэтэһэргэ анаан табыгастаах усулуобуйаны олохтоохтор бэйэлэрэ оҥостоллор. Ааспыт өрөбүл күн культура үлэһиттэрэ көҕүлээһиннэринэн эр дьону түмэ тардан, хайа үрдүгэр турар “Кыстатыам” диэн суруктарын саҥардарга быһаарыннылар. Дьахталлар барсан, сибиэһэй салгыҥҥа үлэһиттэригэр эбиэт тэрийдилэр. Тиийээт да, эр дьон хайа үрдүгэр сөптөөх сири булан, үлэ үөһүгэр түстүлэр. Ким эрэ акылаатын оҥордо, сорохторо мастан буукубалар элэмиэннэрин быһан бэлэмнээтилэр. Күн дьыл туран биэрэн, үлэ сып-сап түмүктэннэ. *лэ т8м8ктэнэрин к88рпп8ь курдук, ити кэнниттэн дохсун ардах ааста. Ол быыһынан теплоход Дьокуускайтан айаннаан кэлэн, Тиксиигэ ааста. Кэлбит пассажирдары сабыс-саҥа оҥоһуллубут «Кыстатыам” диэн сурук ыраахтан айхаллыы тоһуйда.
Автор: Харбаева Акулина Ивановна