Муус устар 4 күнүгэр Уус-Алдан улууһун Бороҕон нэһилиэгин «Тойон Мүрү» култуура дьиэтигэр «Күлүү сүрэх эмчитэ» диэн көр-күлүү өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕэ буолан ааста. Бу күрэх Саха сиригэр бастакы көр-күлүү көрүҥүн маастара, Саха искуустубатын биир чаҕылхай сулуһа, Саха АССР үтүөлээх артыыһа, бүтүн Союзтааҕы уонна Россиятааҕы конкурустар дипломаннара, лауреаттара, Уус-Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо Петр Петрович Пестряков сырдык кэриэһигэр ананна. Бу күрэххэ Эдьигээннээҕи “Эйгэ” ЭКК иһинэн тэриллэн үлэлиир «Чолигда» драматическай бөлөх Кылаан бириис хаһаайына буолан, 55 тыһ.солк. харчынан биһирэннэ.
— Бу күрэххэ «Чолигда» драматическай бөлөх артыыстара Юрий Максимов, Михаил Ефимов, Айал Софронов, Варвара Васильева, Туйаара Егорова кыттыыны ыллыбыт. Биһиги «Заяц полицейский» уонна «Социальнай харалта үлэһитэ» сценкалары туруордубут. Ону сэргэ, мин бөлөх салайааччыта «Бастыҥ режиссер» уонна «Чаҕылхай дьахтар оруолун арыйааччы» анал ааттары ыллым. Маны сэргэ Хаҥалас улууһун Өктөм нэһилиэгэр буолбут Ксения уонна Егор Черкашиннар ааттарынан өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас “Юмор” күрэскэ IV миэстэ буоллубут. Нам улууһун түөрт нэһилиэктэригэр сылдьан кэнсиэртээтибит, — диэн кэпсээтэ Туйаара Егорова.