Дьиэ кэргэнинэн- көй салгыҥҥа

Бэстээхтээ5и «Сарыал»  сынньалаҥ киинин үлэһиттэрэ сомоҕолоһуу күнүгэр  нэһилиэктэрин олохтоохторун көй  салгыҥҥа тахсан бырааһынньыктааҕы күнү дьиэ кэргэнинэн бииргэ атааралларыгар  угуйдулар.

Оҕолуун-уруулуун тэҥҥэ оонньоон,үөрэн-көтөн, салаасканан сырылаан, бириэмэлэрин бэркэ атаардылар. Маннык дьаһаллар сомоҕолоһуу тыыныгар иитэр суолталаахтар, диэн  сылдьыбыт  дьон санааларын эттилэр.