Эдьигээн олохтооҕо Андрей Охлопков «Саамай улахан собо» күрэххэ үһүс миэстэни ылла

Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка Арчы дьиэтигэр «Байанай алгыһа» диэн булчуттарга, балыксыттарга аналлаах улахан тэрээһин буолан ааста. Бу дьаһалы «Сахабэчээт» тэрилтэ «Байанай» сурунаалы кытта иилээн-саҕалаан ыыттылар. Тэрээһин иитинэн «Саамай улахан собо» күрэх буолла. Манна 1 киилэ 945 гр. ыйааһыннаах собону аҕалан, биһиги биир дойдулаахпыт, Андрей Охлопков үһүс миэстэни ылла уонна «Камелек» хампаанньаттан бэлэх тутта. 


-Бу бэртээхэй тэрээһиҥҥэ  кэргэмминээн Евдокия Тимофеевналыын сырыттыбыт. Оҕолорбор кэһии гынан аҕалбыт соболорбуттан биирдэстэрин илдьэ кэлэн «Саамай улахан собо» күрэххэ кытынным. Дьокуускайга кыра кыыспыт олорор, сиэннэрбитин көрө диэн кэргэмминээн куоракка кыстыы кэлбиппит. Кэлиэм иннинэ Эдьигээҥҥэ Ниникээн диэн күөлгэ күтүөппүн кытта сылдьан соболообуппут, Байанайбыт мичик гыммыта. Оҕолорбун, аймахтарбын собонон күндүлээбитим. Бу күрэххэ аҕалбыт собобунаа5ар өссө улахаттар бааллара, — диэн кэпсээтэ күрэх кыайыылааҕа Андрей Иннокентьевич.