Бэс ыйын 21 күнүгэр Алгыстаах хонууга быйылгы оройуоннааҕы ыһыах Дойдуга дьиэ кэргэн, СӨ Оҕо саас, Эдьигээн оройуонугар сахалартан бастакы Олимпийскай чемпион Р.М.Дмитриев төрөөбүтэ 75 сылыгар ананна. Бу күн олохтоохтор, ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттар ыһыах ыһар сиргэ тоҕуоруһа муһуннулар. Тэрээһин, өбүгэ үгэһинэн, сири-уоту аһатыы, алгыс сиэриттэн-туомуттан саҕаланна. Сиэри-туому олохтоох алгысчыт Михаил Ефимов ыытта.
Эдьигээн оройуонун аҕа баһылыгын бастакы солбуйааччыта Дмитрий Татаринов уонна Лииндэ нэһилиэгин аҕа баһылыга Николай Антонов Үрүҥ Тунах Ыһыаҕынан бар дьоннорун эҕэрдэлээтилэр, кымыс үрдүн көтөхтүлэр. «Елочка» уһуйаан медицинскэй сиэстэрэтэ Сивцева Мария Юристановна Эдьигээн оройуонун сайдыытыгар кылаатын иһин, түөскэ кэтиллэр үрдүк бэлиэни Дмитрий Татаринов үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.
Евдокия Хабарова уонна Айаал Александров алгыс ырыатынан, хомуһунан, «Юктэ» ансамбыл «Ыһыах үҥкүүтэ» эҕэрдэ үҥкүүнэн ыһыах култуурунай чааһын арыйдылар. Салгыы «Аламай күн сыламынан» эҕэрдэ кэнсиэрэ буолла. Манна Мария Васильевна Ханчаева оҕолоро «Оһуохай» диэн ырыаны ыллаатылар, 8 саастаах Мира Портнягина олоҥхоттон быһа тардыыны толордо. Ону сэргэ Степанида Андреева уонна Сусанна Павлова дуэттара, “Дулин Буга”, “Сардаҥа” ырыа ансамбыллара, Лииндэ кэрэ аҥардарын «Оһуор үҥкүүтэ», Айсен Шишигин уонна Семен Захаров дуэттара, «Сайруллан» уонна “Урун” үҥкүү ансамбыллара, Тамара Винокурова, Айал Софронов эҕэрдэ кэнсиэри киэргэттилэр.