Сэтинньи  25 күнэ – Олоҥхо күнэ. 2006 сыллаахха ЮНЕСКО Олоҥхону аан дойду култууратын шедевринэн билинэн үйэтитэри, харыстыыры, киэҥ эйгэҕэ таһаарары ирдиир. Маны ситиспит бэрэсидьиэн В.А. Штыров уурааҕынан сэтинньи 25 күнэ Олоҥхо күнүнэн биллэриллибитэ. Бүгүн Эдьигээн орто оскуолатыгар Олоҥхо декадата «Олоҥхо алыптаах аартыгынан, хомуһуннаах Хомус ыллыгынан» өрөгөй кэккэтинэн саҕаланна.  Үөрэнээччилэр, учууталлар, үлэһиттэр сахалыы таҥнан, симэнэн кэлэн тэрээһини ордук киэргэттилэр. 

“Саха саҥата” литературнай түмсүү кыттааччылара олоҥхо уонна хомус туһунан хоһооннору аахтылар. Олоҥхо декадатын сэргэ оскуолаҕа Хомус күнүгэр оҕолор уонна улахан дьон кыттыылаах “Дьүрүһүй хомуһум” хомуска күргүөмүнэн оонньуу тэрээһинэ ыытыллыа. Тэрийээччилэр нэһилиэнньэни көхтөөх кыттыыны ылалларыгар ыҥыраллар. Санатан этэр буоллахха, Ил Дархан Егор Борисов 2011 сыллаахха бэс ыйын 27 күнүгэр таһаарбыт ыйааҕынан СӨ Хомус күнэ сэтинньи ый 30 күнүгэр бэлиэтэнэр. Бу күн оҕолор олоҥхо уонна хомус туһунан элбэҕи көрдүлэр-иһиттилэр. Өрөгөйдөөх линейка оһуохайынан түмүктэннэ. Салгыы кылаастарга «Норуот тылынан уус-уран айымньыта – норуот өркөн өйө, ытык тыла» темалаах дьоһуннааҕы кэпсэтии уруоктар ыытылыннылар.

Олоҥхо декадатын иитинэн араас тэрээһиннэр уонна күрэхтэр ыытыллаллара былааннанар. Ол курдук, үөрэнээччилэргэ уонна учууталларга аналлаах хомуска оонньооһуҥҥа, чабырҕаҕы ааҕарга маастар-кылаастар, олоҥхо ааҕыытын, уруһуй күрэҕэ, квест оонньуу, кинигэ быыстапкалара буолуохтара диэн тэрийээччилэр иһитиннэрэллэр.