Бүгүн Эдьигээн нэһилиэгин «Эйгэ» ЭКК иһинэн үлэлиир «Чолигда» көр-күлүү бөлөҕө уонна «Дулин Буга» эр дьон вокальнай ансаамбыла «Сандал сааһы уруйдаан» эҕэрдэ кэнсиэри биир дойдулаахтарыгар, ыалдьыттарга бэлэх ууннулар.
Кулун тутар ыйга ыытыллыбыт «Күлүү сүрэх эмчитэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ «Чолигда» драматическай бөлөх Кылаан бириис хаһаайына буолан, 55 тыһ.солк. харчынан биһирэммитэ. Ону сэргэ Нам улууһун нэһилиэктэринэн гастроллаан кэлбитэ.
Бу күн Чолигдалар урукку-хойукку, ону сэргэ саҥа сценкаларын көрдөрдүлэр. Ол иһигэр «Ким о5отой?», «Свидание», «Интервью», «Биатлон», «Ыанньыксыт күнэ», «Үлэҕэ кэпсэтии», «Экстрасенс», «Сыбаайбаҕа айан» курдук күлүүлээх сценкалары көрдөрөн көрү-күлүүнү көҕүлүттэн тартылар. «Дулин Буга» ансамбыл солистара Юрий Максимов, Аполлон Степанов, Борис Алексеев, Айал Софронов кэрэ ырыаларын толордулар. Эр дьон ансамбыла үгүс кэрэ ырыалары бэлэх уунна, Анна Петрова «Дьүкээбил» диэн ырыаны эбэҥкилии ыллаан иһитиннэрдэ. «Чолигда» драматическай бөлөх солбуллубат артыыстара Туйаара Егорова, Михаил Ефимов, Варвара Васильева, Виктория Кузнецова, Ньургуйаана Васильева, Юрий Максимов, Айал Софронов, Иван Саввинов бэтиэхэ бэртэрэ буолалларын өссө төгүл дакаастаатылар.
Дьон-аймах бу кэнсиэргэ кэлэн сэргэхсийиини, үөрүүнү-көтүүнү, дуоһуйууну ыллылар.