Быйыл Эдьигээн оройуонун Кыстатыам нэһилиэгэ тэриллибитэ 70 сылын бэлиэтиир. Атырдьах ыйын 29-30 күннэригэр Кыстатыамҥа үбүлүөйдээх тэрээһиннэр ыытыллаары тураллар. Нэһилиэк дьаһалтата уонна олохтоохтор биир дойдулаахтарын, араас сылларга үлэлээн, олорон ааспыт үөлээннээхтэрин үөрүүлээх быһыыга-майгыга долгуйа күүтэллэр.
1954 сыл ахсынньы 25 күнүгэр Эдьигээн оройуонунааҕы Совет исполкомун 183 №-дээх быһаарыытынан, РСФРС Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Ыйааҕынан Куонара уонна Хатылын нэһилиэктэрин оҥорор туһунан дьаһал тахсар. Онон “Киров” уонна “Коммунизм суола” холкуостары бөдөҥсүтэр сыалтан Куонара уонна Хатылын нэһилиэктэрин олохтоохторун Кыстатыам сиригэр-уотугар көһөрөн аҕалан биир нэһилиэк оҥорбуттара.
Билигин Кыстатыам нэһилиэгэ социальнай-экономическай сайдыытын таһымынан атыттартан хаалсыбакка, кэм-кэрдии ирдэбиллэригэр сөп түбэһэн, бэркэ дьаһанан олорор нэһилиэк. “Эбэҥки” диэн национальнай дьаралыктаах Кыстатыам нэһилиэгэ улуус кииниттэн Өлүөнэ өрүһүнэн 90 км. аллара сытар. Нэһилиэнньэтин ахсаана 376 киһи. Олохтоохтор урут уруккаттан таба иитиитинэн, балыктааһынынан, бултааһынынан дьарыктаналлар, төрүт култуураларын илдьэ сылдьаллар.
2023 сыл балаҕан ыйыгар Кыстатыам нэһилиэгин баһылыгын талыы быыбарыгар үс кандидат турбутуттан 55,1% куолаһы ылан Ильинов Артур Константинович кыайыылааҕынан тахсыбыта. Артур Константинович биир дойдулаахтарын итэҕэллэрин ылан, төрөөбүт нэһилиэгин салгыы тупсарар-сайыннарар сыаллаах-соруктаах үлэлии-хамныы сылдьар.
-Ханнык баҕарар нэһилиэк сайдыытын бэлиэтинэн тутуу үлэтэ ыытыллара, социальнай объектар үлэҕэ киириилэрэ, дьон олорор, үлэлиир усулуобуйаларын тупсарыы, тэрийии буолар. Бу барыта улуус, нэһилиэк дьаһалталара күүстээх, түмсүүлээх үлэни ыыталларын түмүгэ буолар. Нэһилиэккэ күн уотуттан энергия ылар эбии кыахтаах дизельнай уот станцията, фельдшерскай-акушерскай пуун, уопсай баанньык, оскуола, уһуйаан, сынньалаҥ киин, хочуолунай, бэкээринэ курдук социальнай суолталаах объектар тиһигин быспакка үлэлии тураллар. «Билайн» сотовай оператор сибээһэ, цифровой телевидение киирэн тураллар. Быйыл «Ростелеком» компания “Цифровая экономика” национальнай бырайыак иитинэн өрөспүүбүлүкэ 14 ыраах сытар нэһилиэктэрин түргэн мобильнай интернетынан хааччыйыахтаах. Анал базовай станция былырыын турбута. 2015 сыллаахха, олохтоохтор өр кэмҥэ ыра санаа оҥостубут, 5,29 Мгвт кыамталаах, чоҕунан оттуллар саҥа хочуолунай үлэҕэ киирбитэ. Билигин хочуолунай бүтүн нэһилиэги итиинэн хааччыйар. 2019 сыллаахха нэһилиэк дьаһалтата грант сүүйэн “Нулгин” сынньалаҥ киин дьиэтигэр капитальнай өрөмүөн ыытыллыбыта, билигин тупсаҕай көстүүлээх кулууп аныгы оборудованиенан толору хааччыллан олорор, директоранынан Сергеева Надежда Николаевна үлэлиир. Бу сыл Кыстатыам төрүттэммитэ 65 сыллаах үбүлүөйүгэр нэһилиэги төрүттээччилэргэ анаммыт сквер үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыллыбыта. 2022 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр «Комплексное развитие сельских территорий» РФ Тыатын хаһаайыстыбатын министерствотын ыытар федеральнай программатынан үбүлэнэн икки мэндиэмэннээх, таас, толору хааччыллыылаах, аныгы олох ирдэбилигэр эппиэттиир 90 миэстэлээх оскуола-уһуйаан үөрүүлээхтик арыллыбыта. Билигин оскуола 56 үөрэнээччилээх, уһуйаан 40 иитиллээччилээх. Оскуола директорынан Ефимова Людмила Ильинична, уһуйаан сэбиэдиссэйинэн Иванова Наталья Михайловна үлэлииллэр. 2023 сыл атырдьах ыйын 7 күнүгэр «Олохтоохтору хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү» федеральнай программанан 12 квартиралаах нэһилиэккэ аан бастакы саҥа уопсай дьиэ олоххо киирбитэ. Олохтоохтор, ордук эдэр ыаллар бэйэлэрин күүстэринэн, араас программа көмөтүнэн чааһынай дьиэ туттан бөһүөлэк тас көстүүтүн тупсараллар. Инникитин нэһилиэнньэ сынньанар култуура паркатын саҥардар-тупсарар санаалаахпыт. Эһиил саҥа аныгылыы оҕо оонньуур былаһаакката, футболлуур хонуу оҥоһуллуохтаах. Ону сэргэ нэһилиэк историятын кэрэһэлиир түмэли тупсарар, уулусса уотун остуолбаларын саҥардар былааннаахпыт. Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар, ыччат олохсуйарыгар сөптөөх усулуобуйа тэрийэр, үлэ миэстэтин таһаарар, бэйэ дьыалатын арынар санаалаах дьону өйүүр былааннаах үлэлэри ыытар санаалаахпыт, – диэн кэпсээтэ нэһилиэк баһылыга Артур Ильинов.