СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников салайааччылаах оробуочай бөлөх Эдьигээн оройуонугар бырабыыталыстыба уонна ситэриилээх былаас уорганнарын отчуотун ыытта. Оробуочай бөлөх улуус бары нэһилиэктэрин хабан нэһилиэнньэни кытта көрсүстэ. Олунньу 16 күнүгэр бырабыыталыстыба чилиэттэрэ Кыстатыам нэһилиэгэр сырыттылар.

Кыстатыам олохтоохторо ыалдьыттарын эбэҥки норуотун үгэһинэн ыраастаныы, күндүлээһин сиэринэн-туомунан көрүстүлэр. Оскуола иһинэн үлэлиир литературнай куруһуок уолаттара «Таптыыр сахам тылынан» диэн хоһоонунан композицияны туруордулар. Салгыы бырабыыталыстыба чилиэттэрэ Кыстатыамнааҕы электростанцияны, хочуолунайы, былырыын күһүн «Олохтоохтору хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү» программанан тутуллубут 12 квартиралаах дьиэни, 2022 сыллаахха күһүн үлэҕэ киирбит оскуола-уһуйааны көрдүлэр.

Отчуоттуур мунньах оскуола-уһуйаан дьиэтигэр ыытылынна. Мунньах саҕаланыан иннинэ СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова «Ийэ хапытаала» уонна «Сүүс сыл оҕолоро» сертификаттары Арина и Геннадий Бугаевтарга туттарда. Эдьигээн улууһун социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин СӨ Бырабыыталыстыбатын махтал суругунан Петр Харитонов наҕараадаланна. Кыстатыам оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала Варвара Ильинова СӨ Үөрэх уонна наука министерствотын Бочуотунай грамотатын ылла. СӨ бырабыыталыстыбатын 2023 сыллааҕы үлэтин сырдатар дакылааты Дмитрий Садовников оҥордо.

Салгыы отчуоту истэн баран, боппуруостары биэрии саҕаланна. Нэһилиэк депутата Туйаара Винокурова Эдьигээн-Кыстатыам хайысхалаах кыһыҥҥы суол өрөспүүбүлүкэ суолталаах буолара буоллар, элбэх үп көрүллэн, суолу анал тэрилтэ оҥорон, суол хаачыстыбата да тупсуо этэ диэн эттэ. Үлэ ветерана Мария Архиповна Харитонова сайын уу суолунан олохтоохтор өрүскэ киирэн “Кулибин” теплоходунан айанныылларыгар тыаллаах күҥҥэ, улахан кыһалҕаны көрсөллөрүн, онон теплоход тиксэр сирин чугаһатар үлэни ыытар наадалааҕын ыйда. Леонид Михайлов таба ахсаанын ааҕыы кэмигэр оҥоһуллуон наадатын ыйда, олунньу уонна алтынньы ыйдарга ааҕар сөптөөҕүн туһунан санаатын эттэ. Оскуола-уһуйаан дириэктэрэ Людмила Ефимова нэһилиэк саамай улахан объегын — оскуоланы сылытыы уунан хааччылларынан сибээстээн өрүскэ диэри уу оботторор тутуу наадатын эттэ. Уу оботторор тутуу баар буолуута нэһилиэнньэҕэ да наадалааҕын эттэ, кыһыннары-сайыннары үрэх уута уолар түгэнигэр дьон өрүстэн уу баһалларын кэпсээтэ.

-СӨ Ил Дархана уонна Бырабыыталыстыбата нэһилиэнньэ доруобуйата чөл буоларын, уһун үйэлэнэрин туһугар улахан болҕомтотун уурар. Ол курдук, кэнники кэмҥэ хотугу улуустарга баар бары нэһилиэктэри хабан Дьокуускай куораттан быраастар мобильнай биригээдэлэрэ  кэлэн үлэлииллэрин биһириирбин, махтанарбын бүгүҥҥү мунньахха иһитиннэрдим. Мин мобильнай биригээдэ кэлэ сырыттаҕына доруобуйабын бэрэбиэркэлэппиппэр, өрөспүүбүлүкэтээҕи кардиососудистай кииҥҥэ баран көрдөрүн диэн эппиттэрэ.Онон ааспыт сыл бүтүүтэ ол балыыһаҕа тиийэн көрдөрүнэн, эмтэнэн кэлбитим. Түгэнинэн туһанан, кардиососудистай киин быраастарыгар, бары үлэһиттэригэр улахан махталбын тиэрдэбин. Кинилэр хас биирдии ыарыһахтарыгар сылаастык, болҕомтолоохтук сыһыаннаһалларын, үлэлэригэр бэриниилээхтэрин илэ харахпынан көрбүтүм, — диэн санаатын үллэһиннэ педагогическай үлэ бэтэрээнэ Мария Васильева.

-Быйыл биҺиги нэһилиэкпит тэриллибитэ 70 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиибит. Ханнык баҕарар нэһилиэк биир тэбэр сүрэҕинэн, суолталаах тэрилтэтинэн сынньалаҥ киин буоларын билэбит. Биһиги «Нулгин» сынньалаҥ кииммит 1991 сыллаахха килиэп астыыр бэкээринэ диэн тутуллубут дьиэҕэ үлэлии турар. Биллэн турар, сынньалаҥ киин ирдэбилигэр эппиэттээбэт. Нэһилиэкпит бюджетыттан үп көрүллэн өрөмүөн оҥотторон, кыра эбии тутуу туттаран былаан быһыытынан тэрээһиннэрбитин ыыта олоробут. Дьиэбит олус тымныы, кыараҕас даҕаны, онон сибээстээн инникитин саҥа  кулууп эбэтэр элбэх функциялаах киин тутуллуо дуо диэн ыйытыыны СӨ Бырабыыталыстыбатын иннигэр туруордум, — диэн кэпсээтэ сынньалаҥ киин салайааччыта Надежда Сергеева.

Киирбит боппуруостары, этиилэри  СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников боротокуолга киллэрэргэ эттэ.  Түмүккэ Кыстатыам нэһилиэгин олохтоохторо СӨ ситэриилээх былааһын отчуотун сөптөөҕүнэн сыаналаатылар.