Кыстатыамнар кыстыыр бородуукталарын дьаарыстаннылар

Алтынньы 16 күнүгэр Эдьигээнтэн Кыстатыамҥа «Якутопторг” таһаҕаһын тиэйэн, СПО-286 судно тиийдэ. Бу күн олохтоох дьаһалта баһылыгын Артур Ильинов дьаһалынан эр дьон бэйэлэрин техникаларынан субуотунньукка таҕыстылар.

Хаачыр  ыраах Кыһам хайатыгар  тохтообута.  Онтон  аны  таһаҕаһы бураннарынан массыына тохтуур сиригэр  Улахан Хайаҕа диэри тиэрдибиттэрэ. Онно вахтовка массыынаҕа тиэйэн, ыскылаакка тастылар.  Бастакынан хортуоппуйу, луугу сылаас ыскылаакка тиэртилэр.  Ити күн  үлэлээн, сырдыгы былдьаһа сүөкүүр-таһар үлэлэрин түмүктээн, судно хапытааныттан түргэн-тарҕан туттунууларын иһин хайҕабыл тылларын туттулар. Оттон судно ити күн төттөрү айаннаата.