Натаараҕа айан: эдэрдэр төрүт-уус дьарыгы утумнууллар

Үбүлүөй. Бу сылга биһиги оройуоммутугар Шемяков Н.В. 110 сылыгар аналлаах араас элбэх тэрээһиннэр буола тураллар. Ол чэрчитинэн Николай Васильевич биир дойдулаахтара, Кыстатыам оскуолатын үлэһиттэрэ «Ааспыт кэм аартыктара» диэн бырайыак оҥорон, ону олоххо киллэрэллэр.

Былааннаммытын курдук, соторутааҕыта Эдьигээн-­Кыстатыам-­Мэнкэрэ — Натаара маршрутунан «Ааспыт кэм аартыктара» этнологическэй десант ыытылынна. Бу педагогическай үлэ ветераннарын баҕа санааларынан Н.Шемяков сылдьыбыт аартыктарынан эдэр ыччаты, биир дойдулаахтарын кытта айаннааһын.

Бу десант дириҥ ис хоһоонноох сыаллаах. Чулуу биир дойдулаахпыт Шемяков Н. В. сылдьыбыт, олорбут, үлэлээбит сирдэринэн сылдьан, кини аатын үйэтитии, эдэр көлүөнэҕэ төрөөбүт дойдуларыгар эбэҥки норуотун көс олохторун билиһиннэрии. Дойдуга тапталы, патриотическай тыыны иҥэрии, чинчийэр үлэҕэ оҕону сыһыарыы. Ону тэҥэ аныгы кэмҥэ тыа хаһаайыстыбатын сайдыыта общиналар, кэтэх хаһаайыстыбалар үлэлэриттэн улахан тутулуктаах буолбутунан сибээстээн, Натаараҕа, Мэнкэрэҕэ баар общиналар олохторун-­дьаһахтарын кытта билсиһии.
Манна даҕатан эттэххэ, Натаара сирин-­уотун Николай Шемяков сиэн быраата Афанасий Шемяков дьиэ кэргэнинэн община тэринэн, иччилээн олорор. Община хаһаайынын аҕата Афанасий Васильевич Шемяков Николай Васильевич бииргэ төрөөбүт убайа этэ. Кини эмиэ бэйэтин кэмигэр баартаах, сатабыллаах булчут буолан, дьонугар-­сэргэтигэр өйөбүл, тирэх буолбут киһи этэ. Уола Афанасий кыра эрдэҕиттэн булка-­балыкка сыстаҕас буола улааппыта. Өссө абаҕата Николай Васильевич бэйэтинэн уол үлэҕэ сыстаҕаһын билэн, илдьэ сылдьан бултааһын-­балыктааһын мындырдарыгар такайбыта.Онон улуу абаҕатыттан «бэлэһигэр силлэтэн», олоххо күүстээх тардыһыылаах, саҥаны билиигэ-­көрүүгэ дьулуһуулаах буола улааппыта. Ол курдук, Жатайга СПТУ-га үөрэнэн дьоҕус судноны ыытар быраап ылан, БМК катерга үлэлээбитэ. Онтон аны совхоз салалтата Рыбинскайга ыытан механизатордар курстарыгар үөрэттэрбитэ, суоппар, тракторист идэтин баһылаабытын таһынан, техника алдьаннаҕына хайдах баҕарар саахалы туоратар кыахтаммыта. Олох уларыйар кэмигэр кыахтаах киһи олорон биэрбэтэҕэ, ыччаттарын, аймахтарын түмэн 1994 сылтан ылсан, «Натаара» общинаны тэриммитэ. Билигин община дьыалатын уолугар Афанасийга туттаран, оҕото баһылыктаан дьаһайар.
Общиналар билигин тус-туспа бэйэлэрин кыахтарынан дьаһанан олороллор. Хаһаайыстыба сайдыытыгар аныгылыы сүүрээннэр киирбиттэрэ ыраатта, син атын хаһаайыстыбаннай тэрилтэлэр курдук отчуот, нолуок төлөөһүнэ, электроннай илии баттааһына, субсидия, бырайыак оҥоруута, грант ылыыта диэн саналыы информационнай технологиялар кинилэр олохторугар-­дьаһахтарыгар өтөн киирдилэр. Ол да буоллар государство оттуттэн дуоннаах көмө суох. Онон бу бырайыакпыт өссө биир сыала общиналар улэлиир, дьаһанар туруктара хайдах быһыылаахтык баран иһэрин истэн эрэ буолбакка, илэ хараҕынан көрөн билии. Онон тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начальнига Корякин Сергей Иванович эмиэ бу айаҥҥа кыттыста. Улуу биир дойдулаахпыт Николай Васильевич төрүт дьарык — бултааһын, балыктааьын хоту дьон олоҕун бастакы тутулуга буоларын үлэтинэн-­хамнаһынан дакаастаан турар.
Аныгы техника күүстээх мотуор, хаачыр курдук корпус өр-өтөр гыммакка тиийиэхтээх сирбитигэр тиэртэ. Эрдэ сарсыардаттан Эдьигээнтэн хоҥноммут Кыстатыамна таарыйан кэтэһэн турар дьоннорбутун ыллыбыт. Ол курдук Натаараҕа үлдьүргү айаннаан күнүс тиийдибит. Урукку эбитэ буоллар уһун айан буолуо этэ. Ону кытта күн-дьыл туругун интернет нөҥүө билэн чааһынан ыйдаран, арыыйда тыал ама кэмин баттаһа айаннаатыбыт. Ааһан иһэн араас сирдэри көрөн иһэбит, дойдулаах дьон Мария Ивановна, Мария Сергеевна кэпсээннэрэ элбэх. Сергей Иванович да Кыстатыам төрүт олохтооҕо хас биирдии тумус арыы, кумах ахсын, онно кимнээх олоро сылдьыбыттарын, билэрин кэпсээн иһэр. Инньэ гынан Ыныр Хайанан, Атыыр Айаанынан, Савва аппатынан, Талахтаа5ынан, Таарбаҕаннааҕынан, Сирэй кумаҕынан, Мэнкэрэннэн айаннаатыбыт. Хас биирдии сир бэйэтэ историялаах, уос номоҕо кэпсээннэрдээх.
Натаара олохтоохторо Шемяков Афанасий Афанасьевич, Анастасия Ивановна уонна «Натаара» аныгы баһылыга- уоллара Шемяков Афанасий Афанасьевич, сиэннэрэ уонна ыччаттар бааллар. Хаһаайыннар үөрэ-көтө көрүстүлэр, кус миинин иһэ олорон олох — дьаһах туһунан бэртээх кэпсэтии таҕыста. Ол кэнниттэн Натаара урукку дьиэлэрин-­уоттарын кэрийдибит. Биһигини кытта Натаараҕа барсыбыт, бэтэрээн медик- быраас Корякина Светлана Васильевна улаханнык уйадыйан туран, төрөөбүт сирин-буорун көрөн дуоһуйда.
Натаара турар сирэ киһини сөхтөрөр, эчи учугэйин! Күннээх сири утары турар, хоту өттүттэн мырааҥҥа тиит мастар тымныы салгынтан бүөлээн тураллар, ханас оттугэр Кыстатыамҥа маарынныыр биэрэктээх үрэх тыргылла сүүрэр, уҥа өттүгэр Эбэ хотун унаара устар.
Бөһүөлэккэ хаамыталаан көрдөххө, былыргы маҕаһыын дьиэтэ билигин да турар, самнайбыт өтөхтөр, үөһэ таҕыстахха былыргы киһи унуохтара көстөллөр. Манна ааһан иһэр хаачырдар, баржалар тохтоон ааһаллар эбит, балыксыттар да, булчуттар да, дьон-сэргэ сылдьыыта элбэх дииллэр. Дьиэ- уот тутуллубут, үс сабыс -саҥа биир тэҥ, чөкө моһуоннаах дьиэлэр бааллар. Община баһылыга Афанасий Шемяков манна туризмы сайыннарар баҕалааҕын эттэ. Онон сайдыы баран эрэрэ көстөр, аныгылыы тэринии, дьиэлэригэр электричество, вай-фай, газ оһох, ууну насос хачайдыыр. Үлэ тэрээһинин кыайар буоллахха, община да бу киинтэн тэйиччи сиргэ сайдар эбит.
Биллиилээх булчут, балыксыт Шемяков Афанасий Афанасьевич быйыл 75 сааһын туолла. Онон сибээстээн улуус, Кыстатыам нэһилиэгин дьаһалталарын уонна аҕыйах ахсаннаах норуоттар Ассоциациятын ааттарыттан киниэхэ Бочуотунай грамота уонна өйдөбүнньүк бэлэхтэри үөрүүлээх быьыыга-­майгыга туттардыбыт. Эдьигээн оскуолатын үөрэнээччитэ Мигалкина Настя хомуска оонньоон иhитиннэрдэ. Биһиги этиибитин, кэпсээммитин онно баар эдэр ыччат сэргээн иһиттэ. Афанасий Афанасьевич «Общинаны эдэрдэр дьаһайаллар, биһиги онуоха көмө эрэ буолабыт. Эдэр дьон биһиги үлэбитин саҥалыы дьаһайан тэрийэллэр, ол гынан баран төрүт-уус дьарыкпыт үгэстэрин умнууга хаалларбаттара, өйдүүллэрэ наада» — диэтэ. Оннук да буоллаҕа, төрүт дьарык көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдиллэн иһэр, ол олох ирдэбилэ. Саастаах, опыттаах дьон оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн такайан тыаҕа айанныыр, дьаһанан олорор, сатаан сөбүнэн бултуур, балыктыыр гына үөрэтэллэр. Дьону-сэргэни кытта эйэ дэмнээхтик олорон олох кэмин-­кэрдиитин быһыытынан үтүө суобастаахтык олоруу — ол дьол бэйэлэригэр да, дьонноругар-­сэргэлэригэр да.
Айанныы сырыттахпытына «Мыс» хаачар таһаҕас аҕалан кэлбитин эр дьон сүөкээтилэр. Сырама тааска «Шемяков В. Н. – 110» диэн бэлиэ түһэрдибит. Төннөн иһэн Мэнкэрэҕэ таарыйан, эмиэ оннук бэлиэни хааллардыбыт. Манна Винокуровтар аҕа ууһун — Сергей Афанасьевич Винокуров сыдьааннара «Агды» диэн община тэринэн, базаланан олорор. Сергей Афанасьевич кыыһа педагогическай үлэ ветерана Мария Сергеевна Васильева саҕалаабыт дьыалатын, билигин сиэн уол — Винокуров Сергей Андреевич община баһылыгынан талыллан, салгыыр. Кини ыччаттары, сиэннэри түмэ тардан, балыктана сылдьаллар.
Онон саастаах киһи да, ыччат да өйүгэр-санаатыгар өр сылларга хаалар айаны сылдьан кэллибит. Кыстатыам оскуолатын директора уоппускатыгар сылдьар буолан, кыайан көҥүл ылбакка, тус бэйэбит эппиэтинэспитигэр оскуола икки үөрэнээччитэ барса сырыттылар: Эдьигээнтэн-­Настя Мигалкина, Кыстатыамтан — Сайаан Ильинов. Бу айаҥҥа сылдьыбыппытыгар Григорьева Мария Ивановнаҕа — педагогическай үлэ ветерана, Васильева Мария Сергеевна — «Агды» община бас-көс киһитигэр, Корякин Сергей Ивановичка — улуустааҕы ТХУ начальнигар, Шемяковтар дьиэ кэргэннэригэр — «Натаара» община бары үлэһиттэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит.

Ааптар: Лидия Атласова, ААХН ассоциациятын Эдьигээн общественнай түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ.