Ньукуолун күн Эдьигээҥҥэ хаар, тыал кэнниттэн сайыҥҥылыы ылааҥы күн турда. Улуус олохтоохторо бу күн сайыны көрсүүгэ аналлаах араас тэрээһиннэргэ сырыттылар, айылҕалыын алтыстылар, сааскы булт быйаҥыгар тигистилэр.
Ньукуолун күн Эдьигээн нэһилиэгин дьаһалтата олохтоохтору бастакы кус,хаас миининэн күндүлүүр үгэстээх. Ол үгэһинэн бүгүн эбиэт кэмигэр “Хлебопекарня” ХЭТ остолобуойугар сааскы булт күөһэ буста. Остуолга хаас,кус этин сэргэ саһарчы буспут алаадьы, быырпах тардылыннылар. Ордук аҕам саастаах дьон сибиэһэй миин иһэн, кэпсэтэн-ипсэтэн астынан тарҕастылар.
Кыстатыам булчуттара Ньукуолун күн эмиэ дьону-сэргэни түмэн, кус, хаас этинэн күндүлүүллэр. Бүгүн Николай Васильевич Шемяковка аналлаах музей тиэргэнигэр түмүстүлэр. Биир дойдулаах киһилэрин туһунан ветеран учуутал Бурцева Татьяна Николаевна кэпсээнин иһиттилэр. Саҥа бэлэхтэммит экспонаттары билистилэр. Таарыйа пионерия күнүн ахтан-санаан, кыһыл хаалтыстарын баанан, кутаа уотун тула туран, пионерскай ырыалары дьиэрэттилэр. Дьэ ол кэннэ үтүө сайыны баҕаран туран, биэрэк үрдүгэр үүммүт хатыҥнарга саламалары ыйаатылар, кутаа уотугар буспут кус, хаас күөһүнэн күндүлэннилэр. Айылҕаны кытта алтыһан, дуоһуйа сынньаннылар.
Кырдьаҕастары, инбэлииттэри көрөр-истэр отделение олохтоохторугар бүгүн эмиэ дьоро күн ааста. Күөххэ үктэммит дьон быһыытынан, сайыццылыы сылаас, чаҕылхай күннээх олбуордарыгар таҕыстылар. Үлэһиттэр түптэ буруолатан, алгыс сиэрин-туомун ыыттылар, ырыа-тойук дьиэрэйдэ, оһуокайдаан тэйдилэр. Бары да үтүөкэн күнтэн күүс-уох ыллылар.