Олоҥхо ыһыаҕар Кыстатыамтан Евгений Булдаков кыттыыны ылла

Бэс ыйын 20-21 күннэригэр Амма улууһугар XVII өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа ыытылынна. Ыһыахха 88 араас тэрээһин буолла, 15 тыһыынчаттан тахса ыалдьыт сырытта. Үрдүк таһымнаах тэрээһин иитинэн маастардар оҥоһуктарын көрдөрөр быыстапка тэрилиннэ. Манна өрөспүүбүлүкэ 25 улууһуттан маастардар кэлэн кыттыыны ыллылар. Эдьигээн оройуонун Кыстатыам нэһилиэгиттэн Евгений Булдаков кытынна.
-Мин маһынан кыһан оҥоруу көрүҥҥэ “Олоҥхо дойдута” диэн ааттаах композициябын быыстапкаҕа илдьэн туруордум. Кыстатыам орто оскуолатыгар технология учууталынан 5 сылбын үлэлиибин. Бэйэм Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Кэргэним Анна Саввична Кыстатыамтан төрүттээх, оскуолаҕа поварынан үлэлиир. 2017 сыллаахха дьиэ кэргэмминээн Кыстатыамҥа көһөн кэлбиппит. Мин маһынан уһанарбын ордоробун, айымньыларбын барытын өйбүттэн ылан оҥорон таһаарабын. Кыстатыамҥа маһынан уһаныыга оҕолору уһуйабын. Кинилэр истэригэр талааннаах оҕолор бааллар, ол миигин үөрдэр. Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕар сылдьан олус үөрдүм, тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Түгэнинэн туһанан, тэрийээччилэргэ барҕа махталбын тиэрдэбин. Быыстапкаҕа Саха сирин биллэр-көстөр норуот маастардара кыттыыны ыллылар. Кинилэр үлэлэрин көрөн бэйэбэр саҥаны-сонуну арыйдым. Быыстапка түмүгүнэн анал аакка тигистим, — диэн кэпсээтэ Евгений Булдаков.