Сергей Корякин ылбаҕай ырыалара

Сергей Корякин кэнсиэрэ саҕаланарын  бу ыһыахха кэтэспит-манаспыт киһи элбэх этэ диэтэххэ бука сыыспаппыт буолуо.  Тэрийээччилэр дьон тарҕаспатын диэбит курдук программаҕа киэһээҥҥи чааска туруорбуттара. Дьэ онон «Ырыабын аныыбын бар дьоммор» диэн ааттаммыт Сергей Корякин айар киэһэтэ ыһыах сүрүн киэргэлэ буолла.

Сергей Иванович  төрөөбүт бөһүөлэгэр аҕа баһылыктаан, билигин тыа хаһаайыстыбатын салаатын салайар. Хаһан баҕарар ырыа аргыстаах сылдьар киһини дьоно-сэргэтэ ылбаҕай куоластаах ырыаһытынан билинэллэр. Бииргэ төрөөбүттэр ахталларынан, кинилэр аҕалаах ийэлэрэ сыанаҕа тахсан хаһан да ыллаабатах дьон да буоллаллар, дьиэлэригэр-уоттарыгар ырыаны өрө туппут ыаллар эбит, ордук ийэбит үчүгэй куоластаах этэ дииллэр. Онон бу ыал кыра уолун Сергей  концерыгар кэргэнэ Клавдия Васильевна, бииргэ төрөөбүт убайа Григорий Иванович кэргэнин Варвара Иннокентьевналыын, эдьиийдэрэ Лариса Ивановна, Ньургустаана Ивановна кытыннылар, көх-нэм буоллулар.   Бу күн баянынан, фонограмманан доҕуһуоллаан араас кэмнээҕи сахалыы ырыалары Сергей уонна Григорий Корякиннар биирдиилээн толордулар, кэргэннэрин кытта дуэттаатылар, бары тахсан ансамблынан да ыллаатылар. Булчут, балыксыт удьуора  көрөөччүлэрин сааскы  хаас этинэн, уохтаах кымыһынан күндүлээтэ. Маны сэргэ  Сергей Иванович бэйэтин аатыттан уонна  айар киэһэтин өйөөн бииргэ үлэлиир оройуоннааҕы дьаһалта коллектива, Эдьигээн нэһилиэгэ, биир кылааска үөрэммиттэрэ -1987 сыллааҕы оскуоланы бүтэрээччилэр туруорбут бириистэрэ оонньонон, мустубут дьону үөртүлэр. Табыллыбыт дьон 50 лиитирэ бензин, атын да илии тутуурдаах,өттүк харалаах дьиэлээтилэр.

-Бүгүҥҥү дьоро киэһэбин тэрийэрбэр күүс-көмө буолбут дьоммор, көрөөччүлэрбэр  барыгытыгар махтанабын. Ордук чуолаан,кэнсиэр тэрээһинигэр, ыытыытыгар өйөбүл буолбут   “Эйгэ” этнокультурнай киин бары  үлэһиттэригэр барҕа махталбын тиэрдэбин, — диэн  кэнсиэрин түмүктээтэ Сергей Иванович.