“Кэскил” оҕо издательствотын айар үлэһиттэрэ Сардаана Матвеева уонна Аэлита Мир бу күннэргэ Эдьигээн оройуонугар «Арктический медиадесант» диэн ааттаах айан былааннынан үлэлээн бардылар. Билигин издательство таһаарар “Кэскил”хаһыакка, “Колокольчик“, “Чуораанчык”, “Юность Севера”, “Бэлэм буол” сурунаалларга сурутууну көҕүлүүр араас хабааннаах дьаһаллары тэрийдилэр. Ол иһигэр оройуоннааҕы историческай музейга Амма Аччыгыйа аатынан “Кэскил” издательство бырайыагын иитинэн «Колокольчик” уус-уран литературнай сурунаал иһигэр сыһыарыы быһыытынан тахсар Эдьигээҥҥэ сыһыаннаах «Старинные вещи нашей семьи” диэн ааттаах кыракый кинигэни билиһиннэрии буолла. Маннык ытыс саҕа кинигэлэри таһаарар бырайыак “Сокровище моей семьи” диэн ааттаах. Ити таһаарыыга оҕолор бэйэлэрэ эбэлэриттэн, эһэлэриттэн хаалан, дьиэ кэргэҥҥэ кичэллээхтик уурулла сылдьар маллар тустарынан кэпсииллэр. Сыһыарыы 2022 сыл алтынньы ыйга тахсыбыта
Музейга буолбут дьаһал туһунан кэпсиир буоллахха, кинигэ автордара Виолетта уонна Тася Татариновалар. Кинигэни билиһиннэриигэ Тася сырытта, кини билигин Эдьигээн оскуолатыгар 9 кылааска үөрэнэр. Кини хос-хос эбэтин Сыалаахтан төрүттээх Христина Филипповна Константиноваттан хаалбыт 19 үйэттэн тиийэн кэлбит мас сундуук, Варшаваҕа оҥоһуллубут эмаль көстүрүүлэ туһунан кэпсээтилэр. Ийэтиттэн хаалбыт бу маллары кинилэр хос эбэлэрэ 90 сааһыгар үктэммит Евдокия Ивановна Константинова ууруна сылдьыбыт. Сундуугу Баахынайдааҕы музейга бэлэхтээбит. Оттон көстүрүүлэ кыыһыгар Таисия Владимировнаҕа бэриллибит. Евдокия Ивановна бэйэтэ сүрдээх кэпсээннээх киһи, оҕолоругар, сиэннэригэр малларын туһунан куруук кэпсиир, көрдөрөр идэлээх. “Дьиэтигэр аһыыр остуолун үрдүнэн хас да көлүөнэ төрүт дьонун хаартыскаларын сиэннэрин, хос сиэннэрин кытта тэҥҥэ тутан төрүччүтүн оҥорторбут баннера ыйанан турар.Ити эмиэ Евдокия Ивановна көлүөнэлэри ситимниир ньымата” , — диэн кэпсээтэ музей директора Людмила Сивцева. Итини сэргэ Евдокия Ивановна эбэҥки иистэнэр ньымаларын бэркэ баһылаабыт киһи. Кини тикпит түүлээхтэн таҥастарын оҕолоруттан хос сиэннэригэр тиийэ сөбүлээн кэтэллэр. Ол туһунан бу күн сиэн оҕолор элбэҕи кэпсээтилэр.
Сардаана Матвеева бырайыак туһунан кэпсээн баран, Евдокия Ивановнаҕа “Кэскил” хаһыат худуоһунньуга уруһуйдаабыт ийэтин Христина Филипповна мэтириэтин туттарбытыгар “Үүт-үкчү оҥорбут” диэн астыммытын биллэрдэ. «Бу оҕону дойдутун таптыырга иитиигэ уонна төрүччүтүн үөрэтэр буоларыгар олус наадалаах уонна улахан туһалаах бырайыак эбит. Салҕанан бары турдун»,- диэн биһирээбит алгыстаах санаатын үллэһиннэ.