Норуот халандаарынан саха киһитэ Бөтүрүөп таҥара күнүн кэнниттэн эрэ оттуур ходуһатыгар тиийэр. Ол үгэһи тутуһан Эдьигээҥҥэ ынах иитиитинэн дьарыктанар чааһынай хаһаайыстыбалаах Иван Соломонов биригээдэтэ от ыйын 14 күнүгэр Уолбаҕа оттуу киирдэ. Оройуон үрдүнэн кинилэр бастакынан ходуһаҕа киирдилэр. Тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар эппиттэринэн быйылгы оттооһун былаана 128 тоннанан быһыллыбыт.
Биригээдэҕэ оттуу үөрүйэх 7 киһи баар, аймахтара, табаарыстара. От үүнүүтэ быйыл куһаҕана суох , онон Иван Михайлович сүөһүлэри кыстатар отторун булунарга эрэх-турах санаалаах. Сорох дьылларга от мөлтөхтүк үүнэриттэн сылтаан, өрүс арыыларын киирэн охсооччулар. Ааспыт нэдиэлэҕэ күн-дьыл туран биэрэн, отчуттар охсууга күүстээхтик туруннулар. Өрөбүллэргэ бөһүөлэктэн көмө тиийэн, оту хомуйуу, бугуллааһын көхтөөхтүк барда. Инньэ гынан, Локур күөл ходуһатыгар бастакы бугуллар турдулар. Бу күннэргэ Уолба ходуһатыгар Мария Егоровна Иванова дьоно отттуу тахсар былааннаахтар.