Балаҕан ыйын 29 күнүгэр “Нулгин” ЭКК дьиэтигэр «Биһиктээбит билиитин иитиллээччилэрдиин үллэстэн» диэн методическай босуобуйа сүрэхтэниитэ үбүлүөйдээх тэрээһиннэри түмүктээтэ. Босуобуйа автора Кыстатыам бөһүөлэк бочуоттаах олохтооҕо, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, эбии үөрэхтээһин педагога Васильева Мария Сергеевна. Кини «Туйаара» оҕо саадка 45 сыл устата быыстала суох үлэлии сылдьар. Оҕолору кыра сааһыттан өбүгэ үгэстэрин билиһиннэрэр, иитэр-үөрэтэр үлэтин опытын түмэн, Мария Сергеевна бу иккис кинигэтин таһаарда. Уһуйаан педагога биһиктээх эрдэҕиттэн эбэҥки норуотун төрүт дьарыктарыгар- таба иитиитигэр,балыктааһыҥҥа, бултааһыҥҥа өйүгэр-санаатыгар, этигэр –хааныгар иҥэриммит билиитэ-көрүүтэ буолар. Ити барыта кэмэ кэлбитигэр дьон билсэригэр, уһуйалларыгар анаан киэҥ билиигэ таһаарылынна. НьБу ситим быстыбатын, санаа салҕанарын угуйар сыаллаах таһаарыылар буолаллар”- диэн сыаналаатылар мустубут дьон.
Биэчэргэ элбэх эҕэрдэ тыллар этилиннилэр, истин ахтыылар иһилиннилэр. Мария Сергеевна босуобуйаҕа ахтыы биэрбит коллегаларыгар, уһуннук, бииргэ улэлээбит ветеран улэьиттэригэр, истиҥ махтал тылларын эттэ уонна босуобуйаларыттан бэлэхтээтэ. Ону сэргэ кинигэ күн сирин көрүүтүгэр күүс-көмө буолбут дьонноругар- “Эдьигээн сонуннара” хаһыат суруналыыһыгар Акулина Харбаеваҕа, үбүлээһинин боппуруоһун быһаарсыбыт үөрэх управлениетын начальнига Юрий Шамаевка ис сүрэҕиттэн махтанна.